Page 302 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 302
Кулан урбай кымньыытынан
Өрө далбаатыы-далбаатыы
Саманнык диэн
Саҥа саҥара турда:
12410 — Дьиэ буо, дьиэ буо!
То ҕу с тоҕойдоох
Айдаан айан аартыгар миинэр
Аллаах айаннаах,
Ахсым сырыылаах
Араҕас сиэр
Атым барахсан
Ыраах буоллаххына,
Чугаһаа эрэ,
Үрдүк буоллаххына,
12420 Намтаан кулу,
Дириҥ буоллаххына,
Дагдайан таҕыс, — диэн баран,
Далбаатыы-далбаатыы
Хоруутуу турда.
Инньэ гынарын кытта
Корон баран,
Чыпчылыйыах бэтэрээ өртүгэр,
Этэн баран,
Эҕирийиэх ис кырыытыгар,
12430 Араҕас сиэр
Ата барахсан,
Илин диэки
Иэйэхситтээх-илбиргэстээх,
Сиэллээх-нэлбиргэлээх,
Сиэги маҕан-аартык устун
Сэттэ былас
Нэлэмэн сиэлэ нэлэһийбитинэн,
Тоҕус былас
Субуй бараан кутуруга субуруйбутунан,
12440 Үс былас
Өрөҕөр көҕүлэ
Өрө күүрбүтүнэн
Ү үннүүн-ыҥыырдыын,
Тэһиинниин-көнтөстүүн,
Сиэлэ хааман,
Нэлэһийэн кэлэн,
Иччитин иннигэр
Харыс гына түстэ.
- 294 -

