Page 305 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 305

Хаҥырҕастаах хаппахчытын
                   Хаҥас өртүн диэки
                   Халбарыччы хааман тиийбитэ —
                   Хотун ойоҕо
                   Оһуордаах оронугар,
             12540  Дьэрэкээннээх тэллэҕэр,
                   Соһуулаах суорҕаныгар
                   Суһуоҕа субуруйан,
                   Ньуура туналыйан,
                   Имэ тэтэрэн,
                   Эмиийэ тэрэйэн,
                   Итгэннэри түһэн,
                   Утуйа сытар эбит.
                   Сындалҕаннаах сырыыга сылдьан,
                   Сылайан-ыран,
             12550  Кэлбит киһи быһыытынан
                   Сымнаҕас ороҥҥо сытан,
                   Сылаас эккэ сыламнаан,
                   Сылбай уутун утуйан,
                   Сылаатын таһаара түһээри,
                   Оһуордаах-дьэрэкээннээх
                   Оронун сыҥаһатыгар
                   Олоро түһэн,
                   Уоскуйан сынньанан,
                   Уһугуннарар толкуйунан,
             12560  Эйэлээх доҕоруттан
                   Истиҥ тылы кэпсэтээри,
                   Иһирэх санаатын этээри,
                   Эттиин-хаанныын холбоһоору,
                   Уу хоннохпут анныттан
                   Утарыта куустуһа сытаммыт,
                   Уураһан-сыллаһан,
                   Уохпутун харатан,
                   Уоскуйуо этибит диэн,
                   Уку-суку хааман,
             12570  Оронун сыҥаһатыгар
                   Олоро түһээри гыммыта —
                   Ойоҕо барахсан
                   Улаҕа өтгүгэр
                   Быһый киһи быһыылаах,
                   Күүстээх киһи көрүҥнээх,
                   Модьу-дьадьы* мөссүөннээх,
                   Киһи гиэнэ кэрэмэһэ,
                                   -    297  -
   300   301   302   303   304   305   306   307   308   309   310