Page 306 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 306

Уол оҕо одьунааһа,
                    Уу хонноҕун анныттан
             12580  Утары кууһан баран,
                    Утуйа сытар эбит.
                    Ону көрө түһээт,
                    Чугурус гына түстэ,
                    Кэннинэн тэйдэ,
                    Тиэрэ чинэрийдэ,
                    Сүрэҕэ сойдо,
                    Быара харда,
                    Хаана оонньоото,
                    Харар уоттанна,
             12590  Дьэбин  уутун  курдук
                    Дьэбидис гына түстэ:
                       — Аарт-татай, оҕолоор!
                    Бу аддьархайдаах садыамнаах
                    Аллараа дайды
                    Алта биис ууһугар
                    Адьарай бөҕө
                    Албаһыгар ылларан,
                    Алдьархайдаах өлөр өлүү
                    Луо байҕалга
             12600  Өлүгэ да көстүбэт гына
                    Өлбүт үһү диэн,
                    Аллараа, үөһээ дайдыга
                    Аат-сурах
                    Таррммытынан туһанан,
                    Туох дойду
                    Дьулайын туура тэбинэн,
                    Туран кэлбнт
                    Чочулҕан уол оҕото
                    Туһааннаах доҕорбун
              12610  Туора кууһан сытара
                    Тугун абатай, доҕоор!
                    Үтүө дьүһүнүнэн
                    Өйүн сүүйдэҕэ дуу,
                    Таптал күүһүнэн
                    Санаатын саймаартар дуу!
                    Хайа дайды
                    Хаспаҕын хайа тэбинэн
                    Хааман кэлэн,
                    Хотун ойохпун,
              12620  Хаарыаннаахдоҕорбун,

                                   -    298  -
   301   302   303   304   305   306   307   308   309   310   311