Page 402 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 402
Дьол-соргу тосхолоннун,
Уруй-тускул буоллун! — диэннэр
Күөрэччи үҥкүүлүү,
Дьиэрэччи ыллыы,
16710 Дуораһыччы туойа сырыттылар.
Уйгулаах ыһыаҕы оҥороору,
Түөлбэ түһүлгэни тэрийээри,
Оһуор ойуур саҕа буолан уурастылар,
Араан тыа саҕа буолан арыалластылар,
Түмсэн төбүрүөннээн
Түөлбэлээх түһүлгэлэригэр
Төгүрүйэ мустан,
Тоҕуоруһан бардылар:
Ол күнтэн ыла
16720 Бу охтон бараммат
Уһун дьылхан мастаах,
Уолан бараммат
Убаҕас дьэҥкэ уулаах,
Уостан бараммат
От сибэкки кырыстаах,
Ойон тахсар күннээх,
Ойоҕолоон тыгар ыйдаах,
Отут ургунньахтаах
Орто туруу дьоҕул дойду
16730 Улай дьэҥкэ киинигэр
Охсуһуу-оһол уурайбыт,
Алдьархай-садыам ааспыт,
Эрэй-муҥ эрийбэтэх,
Муҥ-сор мускуйбатах,
Саргылаах-өрөгөйдөөх
Сардаҥалаах күннэрэ
Сандаарыччы тахсыбыт.
Саха төрдө буолан,
Саргытыйан салаллан,
16740 Урааҥхай төрдө буолан
Уһаан-тэнийэн,
Киһи төрдө буолан кэскиллэнэн,
Уйгу-быйаҥ олохтонон
Кэтит-быйаҥ кэскиллэнэн,
Күө-дьаа кэпсэтэн,
Көбө-саба хаамсан,
Күлэ-сала оонньуу,
Көрүл үү-нарылыы,
- 394 -

