Page 74 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 74
Иэримэ дьиэлэнэн,
Иитэр сүөһүлэнэн,
Эр луҥха олоруохха
Диирбит эбитэ буоллар
2780 Эрдэ буолуох этэ.
Этэр тылбын
Истэн сэргэҕэлээ эрэ.
Эн диэтэх киһи
Өксөкү кыыл буолан
Бу киэҥ Туоллума Эбэ хотун
Килэдийэр киинигэр
Тоҕус мөлдьөҕөйдөөх
Толуу булгунньах үрдүгэр
Олоро түспүтүҥ.
2790 Ол олордоххуна,
Мин убайым
Мэҥилгэннээх айаннаах
Бэки сиэр аттаах
Бэрт оҕо Бэриэт Бэргэн
Эйиигиттэн ылан хаалбыт
Кыһыл көмүс көлөөскөтө
Сарсыҥны күнүгэр
Дьахтар киһи талыыта,
Кыыс оҕо кырасыабайа буолбута,
2800 Ону буоллаҕына
Будойду
Чөҥөрө чүөмпэтигэр киирэн,
Хараҥа бараан түүнүм
Хара дьайа сыстыбыта буолуо диэн
Хастыы сууна турдаҕмна,
Идэмэрдээх соллоҥноох
Иҥсэ мэнэгэй
Бииһин ууһуттан
Иҥиэттэ Хара бухатыыр кэлэн,
2810 Уоран-талаан барбыта.
Ону кэнниттэн эккирэтэн барбыта.
Орулуур отут хонугун
Туолан кэллэ.
Бу тухары
Ситгэрэ илик
Тоҥоттоох суолун сонордуу,
Ириэнэх суолун ирдии
Сибилигин бараары турабын.
70 -

