Page 70 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 70
Хоммут уоһум
Хоһоонун холобурдаа.
Ахтаах ынаҕыҥ
Арарс арыытъптан
Аһыы түһэн бараары,
2610 Адарай халҕаҥҥын
Аһан киирбэтим,
Туҥуй ынаҕыҥ
Үрүҥ сөлөгөйүттэн
Үксэнэ түһээри,
Үрдүк модьоҕоҕун
Өндөйөн көрбөтүм.
Эн диэтэх киһи
Албан ааккын
Аҕыс туойдаах
2620 Аартык хотун
Устатын тухары
Атгаран ыйдаран
Айаннаан кэлбитим.
Ол тоҕо диэтэххинэ
Эрэйдээх этигэс
Санаалаах саҥарыгас диэн,
Саха өһүн хоһооно баара.
Ол быһыытынан
Кэлбит наадабын
2630 Килбэйэн турар кырдьыгынан
Кэпсээн көрүүм.
Хоонньуга сытар
Холооннооҕо суох буолан хобдоҕуран,
Тэллэххэ сытар
Тэҥнээҕэ суох буолан,
Тэбиэһирэн сылдьабын.
Ынъ1ыр-сыггык ыарыылаах,
Сөрүө-тэллэх сүөлэмтэҕэй
Сон-сабыы туорхай буолла.
2640 Онон эбит буоллаҕына,
Эн биһиги
Ис санаабытын билсэр,
Истиҥ тылбытын кэпсэтэр,
Эйэлээх доҕордуу буолуохтаахпыт.
Хайдах буолуох этэй?
Хайгыалаах хара быарбыттан
Хараастан туран
- 66 -

