Page 111 - Неизвестное название
P. 111

Аҕыс уон
                      Ааһар беҕө албастаах
                      Адьырза бөҕөлөрүн кытта
                      Абырыныам диэн
                      Айаннаан иһэҕин дуо?
                      Togyc уон
                      Куотар бөҕө кубулҕатгаах
                4420 Дуолан бухатыырдарын кытта
                      Туруулаһан охсуһан
                      Тулуһуом диэҥҥин,
                      Тоҥоттоох суолун
                      Сонордоотуҥ дуо
                      Нойон киһиэ?!
                      Аартыккар тоһуйан
                      Айа буолан тардылынным,
                      Иннигэр кэлэн
                      Илим буолан кэтилинним,
                4430 Суолгар киирэн
                      Туһах буолан муомахтаатым.
                      Ол кимҥиний диэтэххинэ,
                      Тимир Сигиди бухатыыр
                      Быһылааннаах балта,
                      Сиэмэх киэнэ бэрдэ
                     Дьэкистэй Хара Удаҕан диэн
                      Мин диэтэх обургу
                      Кэлэн турабын.
                      Сибилигин сиир күнүм
               4440 Тирээн кэллэ,
                      Кэриэс тылгын эт,
                      Кэс тылгын кэпсии
                     Оҕус,— диэтэ.
                        Инньэ диирин кьгтта
                     Этэн баран
                     Эҕэрийиэх ис кырыытыгар,
                     Көрөн баран
                     Чипчилийиэх* бэтэрээ өттүгэр
                     Өйдөнөн кэлбитэ —
               4450 Отут былас
                     У от субурда
                     Моҕой буолан
                     Сототун ортотуттан
                     Хантайар муос
                     Хабарҕатыгар диэри
                                    - 108 -
   106   107   108   109   110   111   112   113   114   115   116