Page 148 - Неизвестное название
P. 148

6090 Дойдулара буолла.
                       Хаардаах харыйа саҕа
                       Хара бэкир дьон
                       Үөргү-сүөргү
                       Үөмэлэспит сирдэрэ буолла.
                       Ону өйдөөн-дьүүллээн көрбүтэ —
                       Алын өрөҕөтүн устун
                       Адыс субурҕа
                       Атара баҕыыр атахтаах,
                       Үөһээ арҕаһын үрдүнэн
                 6100 Үстүү былас үөрбэ батас
                       Сиэмэх тоноҕоһун уҥуоҕуттан
                       Субуруччу үүнэн тахсыбыт
                       Тодус былас
                       Субурҕа моҕой
                       Куйбуур кутуруктаах,
                       Отуг былас
                       Уот субурҕа тыыннаах,
                       Буор тумул саҕа
                       Буулаҕа хара ат кэлэн,
                 6110 Адыс даллахтаһа олорор
                       Даллаҥ куоҕас кыыл курдук
                       Халаара-хахаара,
                       Хахаара эргичийэр
                       Хабыалаһа часкыйа турар
                       Хаанымсах соллоҥ
                       Хара иччилээх,
                       Часкыйа олорор
                       Сырҕан эһэ саҕа
                       Сараһын эмэгэттээх,
                 6120 Аҕыс кэбиһэ былас
                       Түөллэр төгүрүмтэлээх,
                       Амырыыннаах суостаах,
                       Аар баҕах төрдүгэр кэлэн,
                       Түөһүнэн анньыллан,
                       Өрүтэ бэтиэхтээн,
                       Иһин түгэҕиттэн эппэйэн,
                       Уотунан уһуурбахтаан,
                       Урбачыйа турар эбит.
                       Ол үрүт өттүнэн
                 6130 Өрө көрөн таһаарбыта —
                       Ол дуулаҕа бухатыырдара
                       Нүһэр бөҕөлөрүн үтүөлэрин
                                      - 147 -
   143   144   145   146   147   148   149   150   151   152   153