Page 150 - Неизвестное название
P. 150

Эн диэтэх киһи
                   Күн өркөн уустарыгар күндү үчүгэй
                   Күтүөт оҕо буолан күөкэйэн,
                   Умсулҕаннаах ньуурдаах
             6180 Оҕо Ньургустайы
                   Ойох ылан барбыккын
                   Айыы хаан аймахтара
                   Аллараа дойду
                   Ааттаах-сурахтаах
                   Атамааннарын кытта
                   Аймахтыы -уруулуу
                   Буоллахпыт диэннэр,
                    Үөрэн-көтөн
                    Үмүөрүһэн эрэллэрэ.
              6190 Мин буоллахпына
                    Балтым умсулҕаннаах ньуурдаах
                    Оҕо Ньургустайы
                    Үчүгэй киһиэхэ түбэспит диэн,
                    Үөрэн-көтон
                    Урут куота тиийэннэр,
                    Уруулара-ыһыахтара
                    Куотуо диэммин,
                    Тиэтэл бөҕенөн
                    Тиийэн кэлбитим.
              6200 Онтукам баара
                    Көһүтэрбэр көхсүм саалынна,
                    Кэтэһэрбэр буолан
                    Кэтэҕим кеһүйдэ.
                    Сыыдам соҕус
                    Сырыылаах киһи буолуо диэбитим
                    Сыылба соҕус киһи буолууһугун дуу?
                    Сырыттаҕыҥ тугун
                    Сыылбатай, доҕоор.
                    Аллаах соҕус
              6210 Айаннаах киһи буолуо диэбитим,
                    Аккыраҥ баҕайы
                    Күтүөт буолсуккун дуу,
                    Айаннаатаҕыҥ баҕас тугун бытаанай,
                    Буойака! — диэтэ.
                    Онуоха буоллаҕына
                    Тимир Сигиди бухатыыр
                    Айаҕын алдьаммыт өтөх
                    Аанын курдук ардьаччы атта,

                                   - 149 -
   145   146   147   148   149   150   151   152   153   154   155