Page 156 - Неизвестное название
P. 156
Соторунньаи обоччох
Уол оҥостуом ДИЭҤҤИН,
Ордоотуу тоһуйбуккун
Олус толооһурҕаатым,
Уордайа санаатым.
Эн сиэбит унуоххун
6440 Тиниктээн кэбийээри,
Күөстэнэн аһаабыт
Күөскүн кэһиэри
Кытыйаҕын-хамыйаххын салаары
Кэлбэтэҕим буолаарай?
Тоҕо кэлбиккиний диэтэххинэ,
Томороон мүһэни тутаары,
Чаллах төрдүгэр олороору,
Туппут нохоону
Турута быһаары,
6450 Суон саалы кэрчиктээри,
Халыҥ хаһаны хайытаары,
Түөлбэ түһүлгэҕэр,
Ытык ыһыаххар сылдьаары
Кэлэн турабын.
Мин балтыбын
Умсулҕаннаах ньуурдаах
Оҕо Ньургустайы
Көҥүл-босхо күүлэйдэт,
Дьоҥҥун-сэргэҕин көрдөр,
6460 Сиргэр-дойдугар сэргэхсит эрэ,
Күтүөт киһи,— диэтэ.
Онуоха буоллаҕына
Абааһы уола
Айаҕын атта,
Алларастыы түстэ,
Мар-сар ырыа
Марай-сарай саҥа
Киҥий-хаҥый кэпсээн буола турда:
— Буойака, буойака!
6470 Ол отут ургунньахтаах
Ортб туруу дьаҕыл дойдум
Дьорҕоот уол оҕото
Тустуулаах Дьуруо Бөҕө
Түөлбэ түһүлгэбэр
Сүдү ыалдьыт буолан,
Түһүрүйэн киирбит буоллаххына,
- 155 -

