Page 161 - Неизвестное название
P. 161
Тойук туойа турда:
6650 — Дьиэ-буо, дьиэ-буо!
Кун айыы аймахтарыгар
Кесте нлик
Күүстээх-уохтаах
Күтүөт оҕо
Көһүннэҕэ диэн,
Көрүҥнээх үскэлгин,
Көстөр дьүһүннүн
Көрөн астынным.
Онон эбит буоллаҕына
6660 Күтүөт 050 мин
Оонньоо диэтэххинэ,
Оонньуохха баҕалаахпын,
Көрүлээ диэтэххинэ,
Көрү сөбүлүүбүн.
Ол гынан баран
Умсулҕаннаах ньуурдаах
Оҕо Ньургустайы
Керсүөхпүн баҕарабын.
Көрсөрүм эбитэ буоллар
6670 Эйигин сөбүлүү көрбүппүн,
Хайҕыы санаабыппын,
Суол дойдуттан
Сөптөөх киһиэхэ
Түбэспит эбиккин,
Сүрэҕитг сөбүлүүһү,
Тэгил дойдуттан
Тэҥнээххин булан
Санааҥ табыллыбыт диэн,
Санаабын биллэрэн,
6680 Кэрэхсэтэр гына
Кэпсиэм этэ.
Оччо^о кини эмиэ
Күн айыым дьоно
Кэргэммин сөбүлүүллэр эбит диэн,
Көнньүөһэ көнөн
Күлэн-үөрэн
Мичилийиэ этэ,
Буойака! — диэтэ.
Итини истэн баран,
6690 Абааһы уола
Антах хайыһан
- 160 -

