Page 204 - Неизвестное название
P. 204
Суон унуохтарын тоһутан,
Уһун унуохтарын урусхаллаан,
8500 Кыра унуохтарын кыдьымахтаан,
Кыайыам-хотуом. диэн,
Хорсуннук сананан,
Хотуулаахтык туттан,
Өһүөннээх үлүгэрдик
Өргөстөөх үҥүүтүн
Өксөкү кыыл диэки
Утары туттубутунан
Оллур-боллур уостанан,
Оһуу-тоһуу тиистэнэн,
8510 Сири-сидьи сирэйдэнэн,
Уордайан кыыһыран,
Уотунан уһуура,
Өһөхтөөдүнэн көрө,
Умсары дьүккүйэн,
Уораһыйан-дьэбидийэн турар эбит,
Ол гынан баран
Бу өксөкү кыылы
Нөрүөннээх көхсүн,
Субу дьүһүнүн,
8520 Нүһэр бэйэтин
Көрө дьулайда,
Сөрү диэн сөхтө,
Бэри диэн бэркиһээтэ.
Аан дойду
Албан ааттаах
Аарыма бухатыыра диэн,
Алые да буолар эбит,
Туспа дойду
Дуолан бухатыыра диэн,
8530 Туспа да буолар эбит.
Онуоха холуйдахха
Биһиги эрэйдээхтэр
Бэгилдьийэр бэртэрбит диэн,
Бэтэрээнэн даҕаны
Бэрдимсийэр эбиппит,
Хогдурҕан хонуу кутуйаҕар
Холоонноох эбиппит,
Көбдүргэн хонуу
Күтэрин саҕа
8540 Көрүҥнээх эбиппит,
- 203 -

