Page 246 - Неизвестное название
P. 246

10390 Сыыдам быһыйдарга ситтэрбэккэ,
                         Сылбаргы бөҕөстөргө туттарбакка
                         Куотан тахсан, куруйа сүүрэн,
                         Кураһыйан тиийэн,
                         Алдьархайдаах аллараа дойду
                         Анысханнаах аартыгын
                         Аабаҥныыр айаҕын
                         Арыый бэтэрээ өттүгэр,
                         Бүччүҥнүүр бүөрүгэр,
                         Үрүт тардыытыгар
                  10400 Өлөр өлүү
                         Сөгүдү байҕалга
                         Үс төгүл умсан
                         Сөтүөлээн тахсыбытым.
                         Ол иһин туохха
                         Да кыайтарбат
                         Дуолан бухатыыр
                         Буолсу диэннэр,
                         Өһөгөйдөөх санаалаах
                         Өлүү Түбэлээн Хара
                  10410 Бухатыыр оннугар
                         Көстүбэт удьуордарыгар
                         Күрүө-хаһаа буолар,
                         Күдэн бөҕө күүстээх,
                         Быстыбат эттээх,
                         Тохтубат хааннаах,
                         Өлбөт үөстээх,
                         Бухатыыр буолуо диэн,
                         Муҥурун булларбатах,
                         Муус Кудулу байҕал
                  10420 Уорастыйар улаҕатыгар
                         Ый тоҥон ыйдыҥарбатах
                         Ыыс-быдаан тыаллаах,
                         Халлаан сырдаабатах
                         Хараҥа силлиэлээх,
                         Күнү көрдөрбөтөх
                         Күдэрик буурҕалаах,
                         Күнү-ыйы хаххалыыр
                         Күкүр таас хайа
                         Төбөтүн оройугар
                  10430 Дьөллөкөй көҕүс курдук
                         Дьөлө хаһан бараннар,
                         Тоҕус дуолан бухатыыр
                                        - 247 -
   241   242   243   244   245   246   247   248   249   250   251