Page 316 - Неизвестное название
P. 316

Харахтаах-хааһыгар хараастан,
                     Ымсыырбычча ылбытым,
              13230 Баҕарбычча батыһыннарбытым,
                     Сөбүлээбиччэ сүгүннэрбитим.
                     Нэлэмэн Куо
                     Бэйэтэ буоллаҕына,
                     Эһигини сирэбин,
                     Эйиигин сөбүлүүбүн диэн,
                     Ириэнэх хаанынан
                     Эйэҕэстик иҥээҥнээбитэ.
                     Итинник бэйэлээх
                     Эриэккэстээх дьахтар
              13240 Эйэҕэс майгыннаах
                     Эдэркээн кыыс оҕо
                     Эмиийдээх түөһүнэн сыстан,
                     Иҥээҥнээбитин кэннэ
                     Ханнык бэйэлээх
                     Эр сүрэхтээх
                     Сүрэҕэ ньүөлүйбэт буолуой?
                     Кэргэн суоҕун
                     Кытыан кыһалҕатын,
                     Имэҥнээх эрэйин,
              13250 Таптал барахсан
                     Дьабыннаах тардыытын,
                     Бачча сааскытыгар диэри
                     Бэйэҕит даҕаны бэркэ диэн
                     Билэргит буолуо.
                     Нэлэмэн Куо сэгэртэйим оҕото
                     Тиэтэйбитэ баара.
                     Туспа дойдулар соллоҥноро,
                     Атын дойдулар ааттаахтара,
                     Бэгидийэр бэртэрэ,
              13260 Быһый атахтаахтара,
                     Ситэн кэлэн,
                     Былдьаһан-тарыһан,
                     Быһылааны тардыахтара,
                     Түргэнник тохтообокко
                     Куота охсуох диэбитэ.
                     Ол иһин
                     Уҥуох тосторунан ойбутум,
                     Сүрүн быстарынан сүүрбүтүм.
                     Наҕылыйан таптаһар
              13270 Дьаабы суоҕа,
                                   - 313
   311   312   313   314   315   316   317   318   319   320   321