Page 462 - Неизвестное название
P. 462
Оннооҕор буолуох
Уолуйан уһуктар
19680 Уор Дьаҕыл оҕонньор,
Кыыдыйан уһуктар
КыырДьаҕыл эмээхсин
Тайахха тэптэрэн,
Торуоскаҕа дугунан,
Тоҥолохторуттан тутуһан,
Токунуһан тахсан,
Илиилэриттэн сиэттиһэн,
Эйэҥнэһэн-сэйэҥнэһэн,
Эмдэй-сэмдэй хаамсан,
19690 Эмэл-тэмэл үктэнэн,
Эдэрдэригэр түһэн,
Үөрэн-көтөн,
Мичээрдэһэн кэлэннэр,
Уоллаах кийииттэрин
Утары көрсүһэн,
Уураан-сыллаан,
Уруйдуу-айхаллыы турдулар.
Онтон ыла
Урааҥхай сахалар
19700 Үйэттэн үйэ тухары
Оҕобут оҕотун оҕотун
Оҕолуохпут диэн,
Өс хоһооно, үгэс-номох
Оҥостубут эбит буоллахтара.
Ол курдук
Айыы хаан аймахтара
Күн өркөн уустара
Күө-дьаа кэпсэтэн,
Көбө-саба хаамсан,
19710 Күлэ-оонньуу үөрэн-көтөн,
Өрөгөйдөөн тураннар,
Тоҕус томторҕолоох
Чуор маҕан сэргэни
Субуруччу туруоран,
Тоҕой сэлэни тардан,
Аан чэчири анньан,
Сири иһити сириэдитэн,
Чороон айаҕы чуоҕутан,
Көйөргөлөөх кымыһы
19720 Күүгүнэччи кутан,
- 463 -

