Page 82 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 82

Аҥхараат-хаҥхараат  дьурааны,  аппаны
              Чинчийэн,  ол  онно  бириискэ  'астыбыт.

              Киэҥ  куйаар  кэрэхсиир  киэргэлэ буоллун диэн,
              Дьон-норуот  дьоллонор  туһата  буоллун  диэн
              Бууранан  тобулан.  дириҥник  хаһаммыт,
              Буор  ийэ  хаһааммыт  кылаатын  ыллыбыт.

              Сомоҕю  көмүстэн  сиэрпэни  иэҕэммит
              Молотуок  иннигэр  хардары  тутабыт,
              Сулустаах,  бурдуктаах  килбэйбит  гербэни
              Сукуна  сабыылаах  остуолга  уурабыт.

              Көмүстэн  Союзпут  гербэтэ  дуйданар,
              Кининэн  чааскыбыт  ойуулуу  сотуллар.
              Көмүстэн  сокуоммут  тыллара  суруллар,
              Кемүстээх  медаллар,  ордеҥнар  тарҕыыллар...

              Киэҥ  Лена  биир  балта  —  Индигир  өрүспүт:
              «Мин  өссө  элбэҕи  биэриэҕим»,  —  диэн  эҥсиир.
              Маарыгар  ыарҕалаах  Маркуокка  үрэхпит
              Куотуһан,  көмүһүн  кытыыга  «эһиэлиир»...

              «Ыгыатта»  үрэҕин  эрэһэ  долгуна,
              Ыһылла-ыһылла,  өрүтэ  сүүрэлиир,
              Куланнаах  уохтардаах  дьигискэн  бурууга
              Кумаҕы  быыһьшан  кемүһү  сиидэлиир.

              Олору  —  дьэ  кэлиҥ,  дьэ  мустуҥ  биир  сиргэ,
              Улуу  сир  уһанар  кыстыгар,  —  диэтибит.
              Тапталлаах  Армия  танкатын  күүһүүргэ
              Тахсан  кыах  буоллун  диэн  дарбыйан    бардыбыт:.

              Ол  иһин,  очуостаах  бу  «Эһэ»  хайаҕа
              Хотуулаах  хойгуонан  хорҕолдьун  оронор,
              Ыарахан  балтанан  итийбит  кыстыкка
              Боотума  тимирэ  туой  курдук  эллэнэр.
              Оҕонньор  тараҕай  баһыгар  маарыннаан
              Орулҕан  хайатын.  төбөтө  килтэйэр,
              Дьапталҕа  алтана  ыйдыҥа  түүннэргэ
              Дьэс  кыһыл  сылабаар  өҥүнүү  килбзйэр.
                                    76
   77   78   79   80   81   82   83   84   85   86   87