Page 110 - Сергей Васильев. Өлбөт өрөгөй
P. 110
Эйэ — чэбдик саас,
Уһун уйэ!
Эйэ — умнуллубат таптал,
Улуу дьол!
Кэрэтиэн —
Иллээх харах көрүүтэ,
Эйэлээх ыал түмсүүтэ!
Кэрэтиэн —
Оҕо саҥата, чыычаах ырыата,
От-мас ойуута, олох үөрүүтэ!
Кэрэтиэн —
Куорат уота, хонуу күөдэ,
Куйаас сырала, хомурах уорҕата!
Кэрэтиэн —
Эйэ, үөрүү дьулуурунан көтөҕүллэн
Ийэ сири эгэлгэ кэрэнэн симиир!
Кэрэтиэн —
Эйэ үрдүк үөрүүтүнэн кынаттанан
Итии сайыҥҥа, тымныы кыһыҥҥа күүлэйдиир.
Дьоҥҥо эйэни ыҥыран,
Дьолу-соругу модьуйан,
Ис сүрэххиттэн дьулуйан
Илии баттаатыҥ.
Илии баттаата
Уонунан-сүүһүнэн мөлүйүөн
Убай, быраат, ийэ, аҕа.
Илии баттаатыбыт:
Биһиги —
Үрдүк үөрэ5и аспыттар,
Өйү-санааны днриҥэппиттэр;
Биһиги —
Күн сирин уорҕатын,
Күөбүнэн, солконон симээбиттэр;
Биһиги —
Аан дойду айылҕатын саҥалыы айааччылар,
96

