Page 114 - Сергей Васильев. Өлбөт өрөгөй
P. 114

Оҕо  тулаайахсыйбатын  диэн,
              Огдообо  соҥуйбатын  диэн
              Кыайыыттан  кыайыыга  сирдэабит
              Кыһыл  былаахпытын  өрө  уунан,
              Эрдээхтик  инники  дьулуруйан
              Эйэ  фронун  хаҥатабыт.
             Оҕону-урууну
              Уолутан  уһугуннаттарыахпыт  суоҕа.
              Көмүс  биһиккэ
              Күлүгү  да  түһэттэриэхпит  суоҕа.
                   Ол  энчирээбэт  эрэлинэн:
                   Халлааҥҥа  үрүҥ  күн,
                   Сиргэ — Кремль  сулуһа!
              1952  с.


                          1952  ДЬЫЛ
             Эргитэ,  сабаҕалыы  санаатахпына,
             Эргэ  дьылы  эйигин  хоһуйдахпына,
             —  Кыыда  маҥан  таҥастаах  уол  буолан
              Кыыһан-тэтэрэн  кэлбитиҥ,
             Ыал  ахсын  киирэн,  суол  ахсын  тоһуйан
             Ыра-төлкө  хомоҕой  тылын  эппитиҥ.
             Сэрии  буолан,  айдазн  тахсан
             Хааҥҥа-сииҥҥэ  биһиллимиим  диэы,
             Бомба  түһэн,  атом  эстэн
             Буорах  кэҥсигэр  турумуум  диэн,
              Илин,  ар^аа  омук  ахсын  тиийбитиҥ,
             Эйэ  фронун  эҕэрдэлээн  испитиҥ.
             Советскай  Аҕа  дойдубут
             Сибэккилии  чэлгийэрин,  ойуунан  киэркэйэрин,
             Улуу  ханаалбыт,  саҥа  муорабыт
             Уута  туолан  килэдийэрин
             Киэҥ  олуккунан  бэлиэтээтиҥ,
             Кэрэ  кэһии  гынан  бэлэхтээтиҥ.
                              100
   109   110   111   112   113   114   115   116   117   118   119