Page 112 - Сергей Васильев. Өлбөт өрөгөй
P. 112
Эйэ кыайыа!
Эйэ суолун биһиги Улуу партиябыт
Түстээн, ыйа турар!
Эйэ иһин советскай норуот
Эрэллээх куйах буолар!
.1951 с.
БАРЫТА ОҔОЛОР ИҺИН
Сайылык саҕатынан, алаас тыатынан
Саҥа-иҥэ чугдаарбат буоллаҕына,—
Самаан сайын кэлбэтин даҕаны.
Кыра ог,о атадын суолунан
Кыраһа кырса ойууламмат буоллаҕына,-
Кырпай хаар туспэтин да5аны.
Оһох иннинэн, остуол аттынан
Ог,о төбөтө күкээрийбэт буоллаҕына,—
Унаар буруо субуйбатын даҕаны.
О бо —
Өлбөөдүйбэт үрүҥ күн,
Өлбөт-сүппэт уһун үйэ.
Оҕо —
Салыйбат итии таптал,
Саппаҕырбат сандал саас.
Оҕо иннэ диэн
Ийэ эмиийин ыанньытар,
О50 туһа диэн
Аҕа тилэҕин элэтэр.
О50 дьолугар
Хайалары хайа силэйэн,
Ханааллары сүүрдэбит,
Кумах куйаардарга кырыс түһэрэн,
Торҕо күөҕү долгутабыт;
98

