Page 117 - Сергей Васильев. Өлбөт өрөгөй
P. 117

Эйиэхэ  көрөбүн
               Иэримэ  дьиэбин,
               Ийэбин,  адабын!
               Быраһаай,  пилоткам —
               Быһылааны  быһаҕастаспыт,
               Үөрүүнү  үллэстиспит
               Үөлээннээх  доҕорум,
               Үтүөкэн  таҥаһым!
               Дорообо,  киэпкэм,
               Дойдум  дьоло,
               Д о5орум  миэнэ!
               1954  с.

                  САҤА  СИБЭККИЛЭР

               Сибэкки,—
               Аҕырыа  курдук  аралыйан,
               Тимэх  курдук  дьэрэлийэн
               Сир  Ийэ  иэнин
                       симиигин,
               Килбиэннээх  сандал  сааһы
                       киэргэтэҕин.

               Сибэккинэн  унаар  сайын  уруйданар,
               Сибэккинэн  саҥа  таҥас  ойууланар,
               Сибэккигэ  эдэр  саас  холонор,
               Сибэккигэ  кэрэ  кыыс  тэҥнэнэр...
               Сибэккини быыһынан көтөр сөтүөлүүр,
               Сибэккини  киһи  таптаан  бүөбэйдиир,
               Сибэккинэн  үйэ  салҕанар,
               Сибэккинэн  олох  киэргэнэр!
               Кыраай  Сахам  сиригэр,
               Кыйдам  кырдалым  кытыытынар
               Кыысчааным  сибэккилэри  олордор,
                           103
   112   113   114   115   116   117   118   119   120   121   122