Page 121 - Сергей Васильев. Өлбөт өрөгөй
P. 121

Үөскүүр-үүнэр  ыччаттарым,
         Өрдөөҕүтэ  да  өлбүт  эһэлээх  эбэлэрим  аатыттан!
          Ылыҥ,  ыраах  олохтоох  саха
          Ыраас,  итии  тапталын!
         Эймэһийэ  үөрбүт  аҕа
          Истиҥ  уйаҕас  махталын!
          1953  с.
                   КИЭН  ТУТТАБЫН

          Киһи  мустар,  оһуокай  буолар
          Киэҥ  хонуулаахпынан,
          Сэһэҥҥэ  киирэр,  ырыаҕа  хоһуллар
          Сиэдэрэй  толоонноохпунан
                 киэн  туттабын!
         Маннык  үтүө  дойдуну  жмиэнэ!»  диэн  бүөбэйдээн
          Маанылаан,  бас  билэн,  хаһаайын  буолан
          Кэрэ  куоратынан,  киэҥ  буоланан
          Киэргэппит  советскай  сахам  норуотунан
                 киэн  туттабын!

          Оо,  хаһан
          Омук  сиригэр,  сир  муннугар
          Үлэһит  киһи  аймах  барыта
          Үөскээбит-төрөөбүт  дойдутугар  бэйэтэ
          Биһиги  курдук  хаһаайын  буолуоҕай,
          Биһиги  курдук  кининэн  киэн  туттуоҕай?
          Хаһан
          Өрүстэр,  үрэхтэр  барылара
          Өлүөнэм  курдук  холкутук  доллоһо  устуохтарай?
          Толооннор-хонуулар  ньуурдара
          Туймаадам  курдук  долгуһа-чэлгиһэ  туруохтарай?

          Хаһан
          Бүтүн  аан  дойду  үлэһит  дьоно
                          107
   116   117   118   119   120   121   122   123   124   125   126