Page 209 - Сергей Васильев. Өлбөт өрөгөй
P. 209
Аҥхараат-хаҥхараат дьурааны, аппаны
Чинчийэн, ол онно бириискэ астыбыт.
Киэҥ куйаар кэрэхсиир киэргэлэ буоллун диэн,
Дьон-норуот дьоллонор туһата буоллун диэн
Бууранан тобулан дириҥник хаһаммыт,
Буор ийэ хаһааммыт кылаатын ыллыбыт.
Сомоҕо көмүстэн сиэрпэни иэҕэммит
Молотуок иннигзр хардары тутабыт,
Сулустаах, бурдуктаах килбэйбит гербэни
Сукуна сабыылаах остуолга уурабыт.
Көмустэн Союзпут гербэтэ дуйданар,
Кининэн чааскыбыт ойуулуу сотуллар.
Көмүстэн сокуоммут тыллара суруллар.
Көмүстээх медаллар, орденнар таргыыллар...
Киэҥ Лена биир балта — Индигир өрүспүт:
«Мин өссв элбэҕи биэриэҕим»,— диэн эҥсиир.
Маарыгар ыарҕалаах Маркуокка үрэхпит
Куотуһан, көмүһүн кытыыга «эһиэлиир»...
«Ыгыатга» үрэҕин эрэһэ долгуна,
Ыһылла-ыһылла, өрүтэ сүүрэлиир,
Куланнаах уохтардаах дьигискэн бурууга
Кумаҕы быыһынан көмүһү сиидэлиир.
Олору — дьэ кэлиҥ, дьэ мустуҥ биир сиргэ,
Улуу сир уһанар кыетыгар,— диэтибит.
Тапталлаах Армия танкатын күүһүүргэ
Тахсан кыах буоллун диэн дарбыйан бардыбыт.
Ол иһин, очуостаах бу «Эһэ» хайаҕа
Хотуулаах хойгуонан хорйолдьун оронор,
Ыарахап балтанан итийбит кыстыкка
Боотума тимирэ туой курдук эллэнэр,
7 * 195

