Page 212 - Сергей Васильев. Өлбөт өрөгөй
P. 212

Ыллаабыт  ырыабыт  арҕастаах  хайалар
               Систэрин  уҥуордаан  Сибиргэ  тарҕанар.
               Кыраайбыт  биһиэнэ — киэҥ  тутуу  түөлбэтэ,
               Килбиэннээх  дыбарыас  тутуллар  миэстэтэ!
               Ол  иһин  эйиэхэ  эҕэрдэ  этэбит,
               Ол  иһин  баараҕай  баһыыба  биэрэбит!

                              *   *   *
               К«ьөрдө:  суор  буолан  киэр  көппүт  үйэҕэ
               Сур  бөрө  торҕонноон  улуйбут  үрэҕэ,
               Соҕотох  булчуппут  мунаары  сордонон,
               Суламмыт,  оймообут  ойуура  солконон.
               Хонуубут  кэҥээтэ  иһирик  ойуурдар
               Сыһыыттан  сыҕаллан  киэр  ыраах  тэйэннэр.
               Долгуһа  турдулар  хордоҕой  хонуулар
               Тороххой  үүнүүлэр  өлгөмнүк  үтэннэр.
               Урукку  ирбэт  чэҥ  кырыстаах  дойдуну
               Бу  курдук  колхозпут  күөҕүнэн  симээтэ.
               Кырыстан  кылааты  орообут  колхоһу
               Калинин  геройдуу  орденнаан  снмээтэ.
               Хороҕор  муостаахтар  хонууга  тарҕааннар
               Колхозтаах  сыһыыны  ойуунан  саптылар;
               Сүүрдүлэр  табалар,  кылбаҥныыр  такымнар.
               Ыарзаны  быыһынан  хоҥкунуур  хоболор.
               Урукку  сахалыы  балаҕан  дьиэлэрбит
               Самнаһан  эрбэһин  быыһыгар  састылар.
               Билигин  кирбиигэ  кэрискэ  дьиэлэммит
               Бөһүөлэк  бэртэрэ  дьэидэһэн  турдулар.
               Урукку  иччитэх  иһирик  ойуурбут
               Билигин — уйгулаах-быйаҥнаах  киэҥ  буола,
               Урукку  кураайы  кугдаххай  хонуубут
               Билигин  бурдуга  муоралыы  долгуйда.
                               198
   207   208   209   210   211   212   213   214   215   216   217