Page 218 - Сергей Васильев. Өлбөт өрөгөй
P. 218

«Ураан-хай  саха — диэи  суон  ааты  көтөрөн,
              Кыргыһы,  итиинн-тымныыны  туораабыт,
              Октябтан  барҕаран  дуораччы  ыллаабыт,
              Оо,  саха,  туругур,  суон  ааккын  үрдэтэн!
              «Бу  иһин  эйиэхэ  эҕэрдэ  этэбит,
              Бу  иһин  баараҕай  баһыыба  биэрэбит!
              Күн-Ленин  партиятын — Эйигин  хайгыыбыт,
              Дойдубут  сирдьитин — Эйигин  таптыыбыт!»
              1939—41  ос.

                  КЫЛБАҺЫЙАР  КЫРААН  УУТА
                               I

                   Икки  атахтаах  илиитинэн
                   Иһэрдиллэн  оҥоһуллубут
                   Киһи  барахсан  күүһүнэн
                   Килбэччи  аалыллыбыт,
                   Тимир  турба  устун
                   Дириҥ  буор  түгэҕиттэн,
                   Сир  тымырын  уута,
                   Сирдьигинээн  үөһэ  тэптиҥ,
                   Кыллыгырас  кыраан  уута,
                   Кылбаһыйан,  өрө  тыктыҥ...

                   Хас  мөлүйүөн  сыл  буолла,
                   Хара  быар  курдук,
                   Хам  тоҥмут,
                   Халыҥ  буор  анныгар
                   Хаайтаран  сыппытыҥ?
                   Төһө  мөлүйүөн  сыл  буолла
                   Чөлө  суох,
                   Дөйө  тоҥмут,
                   Дьүлэй  буор  анныгар
                   Түһэн  сыппытыҥ?
                   Түһүүр  этиҥ  дуо,
                              204
   213   214   215   216   217   218   219   220   221   222   223