Page 220 - Сергей Васильев. Өлбөт өрөгөй
P. 220

Төбөҥ  оройо
                    Дөйө  тоҥмута  эбитэ  буолуо;
                    Итии  ириэһин  үйэлэригэр
                    Эмпэрэ  туой  эркиниҥ
                    Ибилиттэн  түспүтэ  эбитэ  буолуо.
                    Арай,
                    Ахса  биллибэт  үйэлэр  усталарыгар
                    Хамсыыр  харамай
                    Хара  хаана  халыйан  киирэн
                    Халыҥ  буор  суорҕаҥҥар
                    Хатталаһа  хам  тоҥон,
                    Ыйааһыннаах  баттыккын
                    Ыараппыта  эбитэ  буолуо;
                    Үрдүк  айыылаах
                    Үүт  бүлтэһэ,
                    Үрүҥ  оппуоха  буолан
                    Өтөн  киирэн,
                    Үтүмэн  буор  үллүккүн
                    Үрдэппитэ  эбитэ  буолуо...
                    Ол  бэйэҥ,
                    Бу  бүгүн
                    Күн  чаҕыл  сиригэр,
                    Көиө  тимир  турбаларынан
                    Күлэн-үөрэн  тахсаҥҥын,
                    Күлүмүрдүү  тыктыҥ.
                    Аан  дойдуга,
                    Аалыылаах  алтан  кырааннарынан
                    Барҕаран-дэбилийэн  тахсаҥҥын,
                    Бадылыйа  сүүрдүҥ.
                    Эн  өрө  тэбэр
                    Эрчимнээх  күүскүттэн
                    Ыстаал  уһаат  эркинэ
                    Ыллыыр  курдук  лиҥкинээтэ,
                    Көҥдөй  турба  күөмэйэ,
                    Күлэр  курдук  күллүгүрээтэ.
                               206
   215   216   217   218   219   220   221   222   223   224   225