Page 221 - Сергей Васильев. Өлбөт өрөгөй
P. 221

Балаһа  тимир  турба  үүтүнэн
               Бантаан  курдук  ыһа  тыгар
               Барылас  «ардадыҥ»  эҥэригзр
               Күн  чаҕылын  күлүмэ
               Курдуу  түһэн,
               Кустук  өҥүнэн  оонньотолуур,
               Дьиэ  эркинин  мөрсүөнэ
               Дьэргэйэ  көстөн
               Дьиримнээн  ааһыталыыр.
               Эн,
               Ыстаал  кыраанынан
               Ыал  ахсын  тиийэҥҥин,
               Килбэчийэр  буолускай  сылабаарга
               Киллигирин  тураҕын;
               Кырыылаах  курустаал  ыстакааҥҥа
               Кылбачыйа  оонньуугун;
               Эдэр  кыыс  оҕо,
               Эттээх  ытыһыгар  дьалкыһыйан,
               Иэдэһин  имэрийэн  эрэҕин;
               Уолан  обо  киһи,
               Уон  тарбаБар  умньанан,
               Уоһун  аҕаан  эрэҕин.
                           III

               Дьэ  эрэ,
               Икки  атахтаах  иннигэр
               Эрчимнээх  массыыналары  сүүрдэн,
               Бар  дьон  туһугар
               Баараҕай  заводтары  үлэлэтэн,—
               Куурт  эрэ  ол  былыргыттан  тохтубут
               Кураххай  хара  көлөһүнү,
               Сынньат  эрэ  ол  өртөн  сындалыйбыт
               Сыралаах  үрүҥ  сындааһыны!
               Иин  анныттан
               Эйигин  босхолообут
                           207
   216   217   218   219   220   221   222   223   224   225   226