Page 219 - Сергей Васильев. Өлбөт өрөгөй
P. 219

Төһө  эмэ  элбэх  сылынан
               Күлүмүрдэс  сырдык
               Күн  сирэ  баарын
               Көрүөм  буолуо  диэн?
               Билгэлиир  этиҥ  дуо,
               Биллибэт  үгүс  үйэнэн
               Халыан  күүспүн  көлүйэр
               Халыҥ  норуот  баарын
               Харахтыам  буолуо  диэн?

               Ол  бэйэҥ  бу  бүгүн
               Орто  дойдуга  тахсан,—
               Дьокуускай  куорат
               Дьоллоох  туонатыгар
                Кыраан  устун
                Кыллыгырыы  сүүрдүҥ,
               Уһаат  ахсын
               Омуннаахтык  бадылыйдыҥ.
                            II

                Ийэ  буор  анныгар
                Элбэх  үйэлэр  усталарыгар
                Эпсэри  баттанан
                Иһийэ  сыппытыҥ;
                Кыргыһыы  да  кэмнэригэр
                Кыланары  истибэтэҕиҥ;
                Дибдиргэннээх  да  күннэргэ
                Тиҥилэх  тыаһын  билбэтэҕиҥ;
                Утаппыт-суоспут
                Уоһун  да  илиппэтэҕиҥ;
                Ааспыт  гуорбут
                Айа^ын  да  аралдьыппатаҕыҥ...
                Арай,
                Аан  дойдуга  буолан  ааспыт
                Түгэн  муус  үйэлэригэр
                           205
   214   215   216   217   218   219   220   221   222   223   224