Page 223 - Сергей Васильев. Өлбөт өрөгөй
P. 223
Ыараханы доллойор долгуҥҥунан көтөхсөн
Ырааҕы көмус сүүрүккүнэн аҕалсан,
Олох оҥоһуллар күүрээнигэр
Улуу бухатыыр буолус,
Дьоһун тутуу баалыгар
Дьол туонатын киэргэтис!
IV
Иһит эрэ,
Эйигин эҕэрдэлээн көрсүбүт,
Чугдааран уһуктар
Дьокуускай куорат туһунан,
Икки-үс кылыһахтаах,
Эйээрэр эгэлгэтэ:
Күн сарсын-өйүүн иһигэр
Күндээрэр соҕуруу диэкиттэн —
Хара буруо баттаБын
Хантаччы тараанан баран,
Хатан ыстаал ыллык устун,
Хаһыытыы-хаһыытыы сындылыйан,
Тэтимнээх тимир көлө
Тилигирээн тиийэн к э л и э б э .
Кини
Эн сөрүүн уугуттан уймахтаан,
Эрчимэ эбиллэн эҥсэлийиэ,
Суһала муҥутаан сундулуйуо!
Оннук тимир көлөлөр
Уйаара-кэйээрэ биллибэт
Урааҥхай Саха сиригэр
Уҥуор-маҥаар сүүрдэхтэринэ,—
Киис кыыл биирдэ эмэ
Кэтэнэн-кирийэн ааспыт
Кэтит-нэлиэн сыһыыларыгар
Килиэ таас түннүктэрдээх
209

