Page 225 - Сергей Васильев. Өлбөт өрөгөй
P. 225

Эн,
                 Сиидэлээн  өрө  тыган,
                 Сибэккилээх  күөх  хонууларга
                 Сиимэр  ардаҕы  түһэрэн,
                 Сэбирдэҕи  быыһынан
                 Силигирии  сүүрбүтүҥ  иһин;
                 Эн,
                 Күлүмүрдэс  таас  уулуссаларга
                 Күрүлэс  ардаҕы  түһэрэн,
                 Көхсүлэрин  килэччи  сайҕаан,
                 Күндээрдэ  турбутуҥ  иһин;
                 Эн,
                 Завод,  фабрика  ахсын
                 Сулбуҥнуур  шатун  тимирдэри,
                 Үллэр  паар  күүһүнэн  үтүөлээн,
                 Үлзлэтэ  турбутуҥ  иһин;
                 Эн,
                 Күөх  курустаал  иһиккэ
                 Күндээриччи  кутуллан,
                 Дьоллоох-үөрүүлээх  остуолга
                 Долгуһуйа  турбутуҥ  иһин,
                 Кырыылаах  мыраамар  остуолбаҕа
                 Кыһыл  көмүһүнэн  суруллуоҥ!
                 Дьэ  эрэ,
                 Килбэчийэр  тимир  уһааттарга
                 Киирээт,  оргуйан  киллигирээ!
                 Кырыылаах  алтан  кырааннарга,
                 Кытаат,  өссө  кыллыгыраа!
                 1947  с.

                       ЫТЫК  ИЛЬМЕНЬ
                      Тоҕо,
                      Сүрэҕим,  суоһаҕын?
                      Тоҕо,
                      Хааным,  куоһаҕын?
                            211
   220   221   222   223   224   225   226   227   228   229   230