Page 32 - Сергей Васильев. Өлбөт өрөгөй
P. 32

Күөх  хампа  сэбирдэх
                    Киистэтин  иилиннэ,
                    Чараҥ  тыа  мутуга
                    Чэлгийэ  хамсаата.
                    Күкэзркэй  баттахтаах,
                    Саһархай  күөн  сыыстаах,
                    Талахпыт  чыычаара
                    «Чырып-чыып»  саҥарда.

                    Кэрэ  чуор  куоластаах,
                    Кэбэ  кыыл  кукууктаан,
                    Киҥкиниир-хоҥкунуур
                    Киэҥ  тыаны  аймаата.

                    Салгыҥҥа  уйдаран,
                    Күөрэгэй  туйааран,
                    Биир  сиргэ  битийдэ,
                    Дьирилии  ыллаата.
                    Трактор  килбэйэн,
                    Хонууну  эргийэн,
                    Сир  кырсын  элийдэ,
                    Быа  курдук  эрийдэ.
                    Дуня  кыыс  салайан
                    Толоону  хоруйда,
                    Инники  ыҥыран
                    Эрдээхтик  дьулуйда.
                    1935  с.


                    ЧЭЙИҤ,  БАРЫАҔЫҤ!

                    Кыырай  халлаан  кырыыта
                    Кыыһан,  сырдаан  кылбайда
                    Көмүс  күнүм  чаҕыла
                    Көрө  тыган  таҕыста.
                             26
   27   28   29   30   31   32   33   34   35   36   37