Page 119 - Иван Мигалкин Күн таммаҕын ыһыспыт дьылҕалар
P. 119

—  Бэрдьигэстээҕи  хайдах  эрэ  сырыы  ахсын  атыннык
      көрөбүн.  Бэрдьигэстээҕи,  дьиибэ  баҕайы,  үөйбэтэх-ахты-
      батах  кэммэр,  соҕуруу  эҥин  сылдьаммын  олох  туох  да
      төрүөтэ  суох  санаан  кэлэр  түгэннэрим  баар  буолаллар...
        ...  Мытаах  уонна  Горнай,  уопсайынан,  төрөөбүт  сирим,
      төрөөбүт  дойдум.  Киһиэхэ  төрөөбүт  дойдута  диэн  соҕотох
      уонна  ол  кини  талбытынан  буолбат.  Хайдах  да  төрөөбүт
      дойдулан,  дьэ  ол  кырасыабайа  да  суох  буоллун,  төһө  да
      атын  дойдулар  курдук  аатырбатах-сураҕырбатах  буоллун
      —  син  биир  ол  сир  үрдүгэр  баар  күндүлэртэн  саамай
      күндүлэрэ буолуохтаах. Төрөөбүт дойду син биир ийэ кур-
      дук  диэн  хаһааҥҥыта  эрэ  суруйан  турабын.
        Ийэ  төһө  да  модороон  буолбутун  иһин  —  хайа  баҕарар
      киһиэхэ  саамай  күндүттэн  күндү.  Эн  саамай  кырасыабай
      дьахтар  буолан  төрөөбөккүн  ээ  уонна  эн  ол  ийэҕин  кыра-
      сыабайын иһин таптаабаккын — эйиэхэ ийэ буоларын иһин
      таптыыгын.  Горнай  оройуона  ол  сирэ-уота  үчүгэйин  иһин
      таптыыр  буолбатахпын  —  кини  миэхэ  төрөөбүт  дойдум
      буоларын  иһин  таптыыбын.
        Итинник этэн тураммын,  “Горнай”  диэн тылга тохтуох-
      пун  баҕарабын.  Мин  маҥнай  оскуолаҕа  киирэрим  саҕана
      Арҕаа Хаҥалас этибит. Мытаах нэһилиэгэ, Эргис нэһилиэ-
      гэ,  Солоҕон  нэһилиэгэ,  Ньурбаҕанчына,  Маалтааны,  би-
      һиги бары  Арҕаа  Хаҥалас  улууһун дьонноробут. Сорохтор
      Атамайдар  эҥин  Бүлүү,  Нам  улууһугар  киирсэллэрэ.  Дьэ
      онтон  үс  оройуонтан  түмэннэр,  оройуоннары  тэрийиигэ  —
      ити  Горнайы  тэрийбиттэрэ.  Дьэ,  оччоттон  баччаҕа  диэри
      аатын  сөбүлээбэппин.  Хайдах  даҕаны,  60-ча  сыл  тухары
      ити  аакка  үөрэнэн  быстыбаппын...
        ...  Возвышенность,  Лена  —  Бүлүү  икки  ардыгар  сытар
      үрдэл буоллаҕа. Оройуон аатын уларытар туһунан туруор-
      сар  наадалааҕа  эбитэ  дуу,  суоҕа  дуу.  Ол  гынан  баран сир-
      дойду,  мин  санаабар,  аатынан  даҕаны,  сирэ-дойдута  кы-
      расыабайынан даҕаны аатырбат. Дьонунан-сэргэтинэн, үлэ-
      тинэн-хамнаһынан, олоҕунан-дьаһаҕынан аатырар быһыы-
      лаах.  Онон,  кылаабынайа,  биһиги  бэйэбит  оройуоммутут-
      тан  үгүс  үчүгэй  дьону  үүннэрэн,  олохпутун-дьаһахпытын
      тупсаран,  Горнай  оройуонугар  бары  үчүгэйдик  олорор
      буоллахпытына,  кырдьык  даҕаны,  оройуоммутун  аатыр-
      дыахпыт.
        Холобурун, бу кэнники биһиги оройуоммут даҕаны, мин
      киһиргэнээри  гынабын,  атын  оройуоннартан  хаалсыбат,
      сорох-сорох оройуоннары иннилэригэр да түһэн барда дии
      саныыбын. Былыр туох эмэ төрдө-ууһа суох киһиэхэ дылы,
      аата-суола  суох  ханнык  эрэ  Горнайтан  диэн  дьон  күлүү-
      элэк  гынар  буолара.  Оҕолор  сэнээбиттии  саныыр  оро-

                                115
   114   115   116   117   118   119   120   121   122   123   124