Page 121 - Иван Мигалкин Күн таммаҕын ыһыспыт дьылҕалар
P. 121
ааҕабын республикаҕа кэлбит ыалдьыттар, атын да оро-
йуоннартан кэлбиттэр Мытаахха тахсыбыттар үһү диэни.
Итиннэ сылдьалларыгар мэнээк кэлбэтэхпит, көрүөхпүтүн
көрдүбүт, билиэхпитин биллибит диэн үөрэн-көтөн, асты-
нан барар кииннэрин тэрийдэргит бэрт буолуо этэ. Кытаатан
сүбэҕитин-амаҕытын холбоон тэрийэ, оҥоро сатааҥ диэн
мин көрдөһүөхпүн баҕарабын.
Ыччаттаргытыгар, оҕолоргутугар музыкальнай билии-
ни иҥэриигэ дьулуһуҥ. Хас биирдии киһи, учуутал да,
инженер да буоллун искусствоҕа, культураҕа ханнык эмэ
билиитэ суох буоллаҕына, бэйэтин культурнай киһинэн
ааҕынар кыаҕа суох.
(Мытаахха баар Семен Данилов музей-библиотекатын
уонна Афанасий Осипов хартыыналарын галереятын бэр-
кэ кэрэхсээн, астынан туран көрбүтүм. Мытаахха дьон-
сэргэ олору көрөөрү сылдьар дии санаабытым. Аны, кыал-
лара буоллар, Софрон Петровиһы хайдах эрэ уратытык
толкуйдааталлар. Дьэ, оччотугар Мытаах—Горнай улуу-
һун культурнай киининэн ааттаныан ааттаныа!
Киэҥ сирдэринэн тэлэһийэн сылдьыбыт, итиэннэ Рос-
сия чулуу дьоннорун кытта эн-мин дэсиһэн билсибит да
буолан, Софрон Петрович культурнай киһи диэн ким аат-
танарын чопчу этэр кыахтааҕа. Онон Саха ыччата эргиччи
сайдыылаах буоларыгар баҕа санаатын ханна да тиийдин,
мэлдьи этэ сылдьара.)
... Хайа баҕарар норуот бэйэтин баһын бэйэтэ бас били-
нэргэ дьулуһара чуолкай. Ону ким да саарбаҕалаабат. Дьэ,
ити гынан баран ол кэмнээҕи усулуобуйалар диэннэр баал-
лар. Ити усулуобуйалары аахсан туран, саха норуота би-
лиҥҥи кэмҥэ Россияттан туспа арахсан государство буо-
лар кыахтаах дуу, суох дуу? Мин өйдүүрбүнэн туспа
баран олорор кыахпыт суох. 'Гуспа олорорго туох баар
промышленноскын, тутуугун бүтүннүүтүн бэйэҥ дьаһайар,
онно бэйэҥ үлэлиир буолуоххун наада. Кадрдарыҥ эмиэ
атын сиртэн эрэ кэлбит омуктар буолуо суохтаахтар. Би-
лигин биһиги республикабыт алмаас промышленноһыттан
үбүлэнэн олорор. Онуоха олохтоох омук кадрдара суоҕун
кэриэтэ. Дьэ уонна хайдах туспа барыахпытый? Өскөтүн
туспа барыаххын саныыр буоллаххына, эрдэттэн бэлэм-
нэниэххин наада. Алмаас промышленноһыгар кадрдары
иитиэххин, рабочайдары, механизатордары, инженердэ-
ри бэлэмниэххин наада. Көмүс промышленноһыгар эмиэ
биир оннук. Онно бары команднай постары уонна алларааҥ-
ҥытын эмиэ бэйэҥ илиигэр ыллаххына, дьэ оччоҕо арах-
сар туһунан кэпсэтиэххэ сөп. Государственность быһыы-
тынан армияны тутарга, посольствоны, бэрэстэбиитэлис-
117

