Page 278 - Иван Мигалкин. Сүрэхтэн саҕыллар санаалар
P. 278

пит  убайым  кэриэтэ  киһи  этэ.  Дьаргыстай  —  киһи  быһыытынан
        наһаа  сэмэй,  дьиҥнээх  интэлигиэн,  ис  кулыуралаах,  киһи  киэнэ
        кэрэмэһэ этэ, барахсан.
           Баһылай  Алексеевы  Чөркөөххө  мунньахха  сылдьан  билсэн
        кэпсэппитим.  Сүрдээҕин  үөрбүтэ,  өссө  билсибиппит  биэс  да
        мүнүүтэ  буола  илигинэ  миэхэ  анаан-минээн,  хоно-өрүү,  күүлэй-
        дии  кэлээр диэбитэ да,  киһим соһуччу олохтон  баран  хаалан  ол
        баҕа санаам  кыаллыбатаэа.  Баһылай чахчы айылҕаттан талаан-
        наах,  үөһэттэн үөттэриилээх лиирик поэт этэ.  Хоһооннорун  киһи
        отой умсугуйан,  ылларан олорон ааҕар. Дьэ,  кырдьык, лирика да
        лирика! Олоҕо уһаабыта буоллар,  өссө элбэҕи, хатыламмат кэрэ
        хоһооннору айыахтааҕа хааллаҕа.
           Оттон  Харлампьев  Василий  Пудович-Хара  Лааҥкы,  Сэмэн
        Руфовтыы  эттэххэ,  Баһылай  Шри Ланка  Уон  алта  киилэбис мин
        хоһоону айарбар, ол эбэтэр литератураҕа киирэрбэр сүрэхтээбит
        аҕам  буолар.  Ону  «официально»  билинэбин  уонна  инньэ  диэн
        ханна баҕарар мэлдьи бэлиэтээн этэбин. Т050 диэтэххэ, уруккут-
        тан билэр  киһим буолан,  бастакы хоһооннорбун  киниэхэ көрдөр-
        бүтүм. Сирбэтэҕэ да, хайҕаабатаҕа да. Арай илиигин араарбакка
        дьарыктан,  элбэхтик үлэлээ эрэ диэбитэ.  Ол эрээри бастакы  ки-
        нигэбэр:  «...Мин  санаабар суруйууһу,  суруйдун,  суруйуо даҕаны
        турдаҕа  диэн  алгыс тылы  этэн  туран,  бу  айымньылар  ааҕааччы
        киэҥ  сэҥээриитин  ылан  сүһүөхтэригэр  туруохтара  диэн  эрэнэ-
        бин!»  — диэн  суруйбута.  Ити  иннинэ  өссө,  хоһоонноргун  кыра-
        лаан  хаһыакка  биэрэн  бэчээттэт,  сурунаалга таһаартар диэн  сү-
        бэлээбитэ.  Ону мин хайдах эрэ саллабын,  кыбыстабын,  куттана-
        бын  уонна  ол  хаһан  улуу дьоҥҥо тиийээри диэбиппэр,  куттанар
        буоллаххына  аны  суруйума  уонна  миэхэ  эрийимэ  диэн  саайбат
        дуо?!  «Хоһоону дьон  аахтын  диэн  айаллар,  бэйэҥ бэйэҕэр  айар
        буоллаххына  туохха  нааданый?  Дьэ  оннук,  на»,  —  диэбиттээх.
        Онтон ыла тэһэ астаран, «куттаммакка» уонна «сэнэммэккэ» хон-
        нохтоох  соҕустук хоһоону айарга  холонон  барбытым.  Туе  бэйэм
        санаабар  өссө  хайдах  эрэ  ити  Баһылай  хоһоон  суруйар  ньыма-
        тын  туһанарга,  истиилин  майгынната  соҕус  суруйарга  дылы-
        бын. Хара Лааҥкы хоһоонноро, омос аахтахха, судургу курдуктар
        эрээри,  ис  иһигэр  киирдэххэ  сүрдээх  дириҥ  ис  хоһоонноохтор,
        хас  биирдии  киһи  дууһатын  кылын  таарыйар  ис  кистэлэҥнээх-
        тэр, киһи өйүгэр-санаатыгар хатанар оһуор-дьарҕаа тыллаахтар.
        Быһатын  эттэххэ,  Хара  Лааҥкы  хомоҕой  тыллаах  хоһоонньут,
        бэртээхэй бэйиэт, уус-уран тыл дьиҥ-чахчы этиттэриилээх ууһа.
           — Саха  сирин элбэх улуустарынан  сылдьабын.  Ол  сылдьан
        бэлиэтии көрбүтүм: эһиги улуускут баһылыга Владимир Семе­
        274
   273   274   275   276   277   278   279   280   281   282   283