Page 91 - Иван Мигалкин. Сүрэхтэн саҕыллар санаалар
P. 91

ниловтары,  Н. Дьокуускайы,  Тобуруокабы,  Иван  Гоголевы  улуу-
        лар диэхпитин сел. Таллан да ааттаныа эта, доруобайдара, өссө
        уһаан  суруйбахалаабыттара  буоллар,  Н.  Неустроев,  Чаҕылҕан
        да  улуулар  дэниэхтэрэ  эбитэ  буолуо.  Николай  Габышевы  да
        ити  кэккэҕэ  киллэриэхпин  баҕарабын.  Мин  суруйааччылар  эра
        тустарынан  этэбин.  Улуу  да  тыа  араас  мастардаах  буолар  —
        бүтүннүүтэ  тутууга  барар лиҥкир  тииттэрдээх  буолбат,  ол  тэҥэ
        суруйааччы, поэт айымньылара эмиэ эҥин араас таһымнаах буо-
        лаллар.  Оттон Эллэйгэ  «дьиэ тутуутугар»  барыах айымньылара
        элбэхтэр, сахалыы саҥа баарын тухары кинилэр ахтыллыахтара.
        Эллэйи  намтата сатааччылар кини  олоҥхону утарбытынан,  дьо-
        ну буруйдаан кириитикэлээбитинэн киирээччилэр. Хайыай, идео-
        логияҕа  да  бас  бэринэн,  араас  кыһарҕантан  халбаҥнаталаан
        ылан баран кеннеруммутэ:
                       Итиннэ быһаарыыта диэн биир,
                       Маннык эттэххэ кылгастык:
                       Улахан оҥочо улаханнык иҥнэҥниир,
                       Кыра тыы муҥнаах — кыратык!
           Киһи  быһыытынан  сүрдээх  боростуой,  өс  киирбэхтиҥи  да
        буолааччы,  ол  эрээри  өйүнэн-санаатынан,  дууһатынан  ылым-
        мат  суолугар  эн  кинини  моонньуттан  да  быалаан  соһон  киллэ-
        риэҥ  суоҕа.  Көннөрү  кэпсэтиигэ  «оннук  дуо,  ээх  дуо»  диэн  со-
        роҕор буллу-бутумах курдугун  мин бэйэтин ис туругар киллэрбэт
        көмүскэнэр ньыматын  кэриэтэ эта дии саныыбын,  оттон  ыстаты-
        йатын, дакылаатын, тыл этиитин тиэкистэрэ сүрдээх логикалаах,
        сыыс  тыла  суох  наһаа  грамотнай  буолааччылар.  Эйигин  кэрэх-
        сээн  ыалдьыттыы  бара  сылдьыбытын да  санаа:  атын  оҕонньот-
        тор  ханна  эрэ  куорат  кытыытыгар  олорор  биллибэт-көстүбэт
        устудьуон  уолга баран  да  бэрт!  Миигин  эрэнэн тылбын  ылынан,
        ол  баран  үөрэн-көтөн  кэлиитэ  —  «эллэйдии»  эрэ  быһыы.
        1972  сыллаахха  Чурапчыга  Эллэй,  Н.  Глазков,  Н.  Габышев,  мин
        буолан  доҕорбут  Ф. Софронов  50  сааһын  туолар  үбүлүөйүгэр
        таҕыстыбыт.  Онно  бииргэ  Эллэй,  Глазков,  Феоктист  Софронов,
        Алексей  Бродников,  мин буолан  балтым аахха  Мотя,  Коля  Мест-
        никовтарга,  Чурапчы  күөлү  өҥөйөн  кэриэтэ  Мурун  Тыымпыйаҕа
        олорор  ыалга  хоннубут.  Күтүөтүм  Коля  булчут  бэрдэ,  оннооҕор
        куобах  үүрэн  иһэн  тайаҕы  сууһарар  буоллаҕа,  киэһэ  илимнээн
        собо  бөҕөнү  таһаарбытын  мөбүһүннэрбитинэн  хатырыктаан  ба­
        ран  улахан да  улахан  көстүрүүлэҕэ хам  баттаан  күөстээн  кэбис-
        тилэр. Өлөттөрөн соҕус сылдьар дьон сибиэһэй балык сиэн, бэр-
        тээхэй  миинин  иһэн бары үөрдүбүт,  астынныбыт,  ол эрээри тии-
        һэ  суох  киһибит  Коля  Глазков  хайабытыттан  да  ордук  үөрбүтэ.
                                                                87
   86   87   88   89   90   91   92   93   94   95   96