Page 181 - Кун кууьар хайатыттан
P. 181

сүнэн сыстан, төбөтүн хантаччы соҕус туттан турара. Уһун
        кыламанын быыһынан имэҥирбит харахтара чаҕылыһаллар.
       Дириҥник өрө тыыммахтыырыгар итии тыына илгийдэ. Хаа-
        ным оонньоон, кууһан ылыахтыы даллайан иһэн саараан
       хааллым. Хайдах эрэ Асели таҥнарар курдук сананан сойо
       быһыытыйдым.
          — Туохха ыҥырдыҥ? — холустук тыл ыһыгынным.
          Кадича саҥата суох унаарыччы көрөр.
          — Хайа?.. — тиэтэтэрдии хос ыйытабын.
          — Тоҕо дьэ туора туттар буоллуҥ? — хоргуппуттуу хому-
       руйда. — Арааһата, кими эрэ булуммуккун быһыылаах дуу?
          Мин соһуйан хаалан мух-мах бардым. Тоҕо хомуруйар уон-
       на хантан биллэ?.. Сити түгэҥҥэ эмискэ көрүдүөр эркинин
       дьөлөн оҥоһуллубут дьоҕус түннүк тэлэллэ түстэ. Аһаҕаһынан
       Дьантай үөннээхтик ырбайбыт сирэйэ дьэлтэйэн көһүннэ.
          — Бу докумуону тутан кэбис, табаарыс диспетчер! — биһи-
       гини табыгаһа суох балаһыанньаҕа киллэрбититтэн астым-
       мыттык, күлүү-элэк оҥостордуу, ымаҥныы-ымаҥныы туох
       эрэ кумааҕыны уунна.
          Кадича, кыйахаммытын кистээбэккэ, кумааҕыны сулбу
       тардан ылаат, миэхэ эргилиннэ:
          — Путевкаҕын эн оннугар ким ылыахтааҕый?! Анал ыҥы-
       рыы кэтэһэҕин дуо?!
          Илиитин таһынан киэр үтүрүйээт, остуолга тиийэн кумаа-
       ҕьгны ылан куду аста: «Мэ!»
          Ылан көрбүтүм — эмиэ били холкуоска ыыталлар эбит.
       Түөһүм иһигэр тымныынан атый гынна: Асель ыал буола-
       рын билэ-билэ, эмиэ барабын дуо? Онтон тоҕо эрэ кыынньан
       кэллим: уопсайынан даҕаны, тоҕо миигин эрэ сытайан туран
       холкуостарга ыыталларый?!
          — Эмиэ холкуоска кирпииччэ эбэтэр ноһуом тиэйэбин
       дуо?! Айакка, сөп буолуо, барбаппын! — кумааҕыны төттөрү
       остуолга бырахтым. — Сөбүн бадарааҥҥа булкулуннум, атыт-
       тар даҕаны амсайан көрдүннэр!
          — Эн миэхэ куоласкын сонотума! Нэдиэлэҕэ барарга нэ-
       рээттээххин. Наада буоллаҕына, өссө уһатыахтара! — Кадича
       эмиэ утары дьорҕойдо.
          Мин арыый уоҕум хараан, холкутук син биир өрөлөһөн эт-
       тим:
       12*                                                      179
   176   177   178   179   180   181   182   183   184   185   186