Page 139 - Агабыт туьунан иьирэх тылынан
P. 139
Улуу Кыайыы кэнниттэн 1945 сыллаахха аҕалара Матвей Ива
нович дойдутугар төннөн кэлэр уонна оҕолорун хомуйан, үөрэт-
тэрээри Дүпсүн нэһилиэгэр көһөн кэлэр. Онно Тэкэрээттэ үрэҕэр
балаҕан туттан олохсуйбут.
Таайым Ньукулай сэттэ кылаас үөрэхтээх. Кини сибээс
техникумун иһинэн биир сыллаах курсу бүтэриэҕиттэн идэ-
тинэн сибээс узелыгар үлэлээбитэ. 1949 сыллаахха аармыйаҕа
ыҥырыллан интернационалист буойун быһыытынан Кореяҕа
сулууспалаабыта. Биһиги аҕабытынаан Рожин Константин Егоро-
вичтыын аармыйаҕа бииргэ сылдьыбыттар. Аҕабыт Константин
Егорович - таай Ньукулай күтүөтэ, балтын Өлөксөөндүрэ кэргэнэ.
Кини төрөөбүт дойдутун Өнөрүн наһаа ахтар-саныыр этэ.
Дүпсүҥҥэ биһиэхэ кэлэн хонон-өрөөн, балтын, биһиги ийэбитин
Өлөксөөндөрөнү, быраатын Иннокентийы - Тойторуону көрсөн,
кэпсэтэн, үөрэн-көтөн барааччы. Кэллэр эрэ, быраатынаан Той-
торуоннуун олорбут сирдэригэр Тэкэрээттэни, Балаҕаннааҕы
кэрийэн, көрөн, астынан кэлэллэрэ. Онтон Дыбаадымаҕа балты-
гар Өлөксөөндөрөҕө, күтүөтүгэр Куостаҕа баран, хонон-өрөөн, сэ-
лэһэн, тулаайах хаалан хайдах улааппыттарын, сэрии ыарахан
сылларыгар тугу аһаан-сиэн сылдьыбыттарын кэпсэтэн, үөрэн-
чэпчээн барааччы. «Балтыбар, күтүөппэр анаан кэлэбин, дьоммун
наһаа ахтабын, саныыбын. Оччоҕо тыыным-быарым кэҥиир, эдэр
сааспар түһэн ылабын», - диэхтиирэ.
Таайым наһаа кэпсээннээх-ипсээннээх, өссө хоһоон айар,
суруйар идэлээх этэ. Түргэн туттуулааҕа, чэпчэки баҕайытык
хаамара, тэлээрэ сүүрэр курдук этэ уонна наар сатыы сылдьара.
«Өнөртөн Кэлэдимэ алааска түһэн, Маттаҕанан, Арыылааҕынан,
Остуойканан олорбут Тэкэрээттэ үрэхпинэн эргийэн кэллим», -
диэччи.
Кэлин Дүпсүнтэн төрүттээх Соловьева Елена Гаврильевнаны
(Эбээ Өлөөнө) кытта ыал буолбуттара. Дүпсүҥҥэ өрүү кэлэн барал-
лара, наһаа эйэлээхтэрэ, куруук сиэттиһэ сылдьаллара. Дабаады-
маҕа балтыгар, күтүөтүгэр тахсан, сэргэхсийэн барааччылар.
Таайым Ньукулай бэйэтин олорбут олоҕор үтүө суобастаах-
тык сылдьыбыта, олорбута.
Элбэх оҕолоох, сиэннэрдээх, хос-хос сиэннэрдээх, онон кини-
лэр таайбын Ньукулайы ааттатыахтара диэн бигэ санаалаахпын.
Надежда Константиновна ЯБЛОВСКАЯ, балта, үлэ бэтэрээнэ.
Дүпсүн нэһилиэгэ, 2025 сыл
137

