Page 88 - Агабыт туьунан иьирэх тылынан
P. 88
ырыалаах, тойуктаах, олоҥхолоох, кэпсээннээх дьон эбиттэрэ
үһү. Кинилэр өрүскэ түспүттэр. Ол кэлэн тоҥустары кытта
буккуһан тоҥус кыргыттарын, дьахталларын ойох ылаттаан
ууһаан-тэнийэн олорбуттар.
Ол олордохторуна аны соҕурууттан эмиэ ынах, сылгы
сүөһүлээх Омоҕой диэн баһылыктаах сахалар диэн дьон кэ-
лбиттэр. Кинилэр муҥхааллартан күрэнэн кэлбиттэр. Бу
сахалар урааҥхайдар кыргыттарын, дьахталларын ойох
ылаттаабыттар. Онтон ыла урааҥхайдар сахалары кытта сүөһү
иитэр буолтара үһү. Сахалар буоллаҕына онтон ыла урааҥхай
саха дэнэр буолтара үһү. Ол иннинэ сахалар тоҥустары кытта
холбоспотторо үһү. Былыр сахалар бэйэлэриттэн атын тыллаах
биистэри кытта эр-ойох буолбаттара эбитэ үһү.
Барааннар, хоролор диэннэр харалар. Бэрт былыргыта
хаарахааннар. Хаарахааннар диэннэр эмиэ харалар. Кинилэр
уот, балаҕан, хотон иччитэ буолаллар. Ол аата уоту бастаан
булбут, сүөһүнү маҥнай хотоҥҥо ииппит дьон буолаллар.
Сүөһү диэн былырг ынах сүөһүнү этэллэрэ үһү. Сылгыны сүөһү
диэбэттэрэ үһү. Сылгыны сылгы эрэ дииллэрэ үһү.
Түөнэ моҕол оҕонньор
Үрүҥ Айыы тойон саамай аччыгый уола Түөнэ моҕол буо-
лар. Бу Түөнэ моҕол сахалар олорор сирдэрин хотулуу арҕаа өт-
түгэр олорбута үһү. Кини уоту айбыт, сүөһүнү хотоҥҥо туппут,
балаҕаны оҥорбут бастакы киһи эбит. Сорох номоххо Түөнэ
моҕол арҕаа халлаан анныгар олохтоох Улуу Суорун тойон уола
дэнэр. Түөнэ моҕол эмиэ арҕаа халлаан анныгар олорор тойон
дэнэр. Сороҕор кинилэр сахалар өстөөхтөрө курдук ойууланар.
Абааһы адьарай дойдута дэнэр. Ол дойдуга этиҥ куруук этэр,
кини баһылыга Сүрдээх-кэптээх Сүгэ тойон дэнэр. Былыргы
сахалар дьиэлэрин кэннигэр арҕаа диэки ойуун сэргэтэ ту-
руораллара үһү. Ол ойууннаах, абааһылаах Түөнэ моҕол арҕаа
диэки олорорун көрдөрөр.
Уот, балаҕан, хотон хоту тымныы дойдуга кыһыны туоруур
сиргэ тутулларын быһыытынан, итилэри туппут, итилэр ич-
чилэрэ буолбут Бараан баатыр, Хоро, Бараа хаан тойон, Түөнэ
моҕол, Сүрдээх-кэптээх Сүгэ тойон, Кэҕэ Суорун тойон - ити бары-
та биир киһи, биис аата буолар. Уонна ити биистэр аллараа дой-
дуга олорор ааттаналлар. Эбэтэр ыксалаһа олорор бөлөх биистэр
ааттаа буолар. Хотон баар буолла да от оттонор, кэбиһиллэр.
86

