Page 191 - Сэрии кэмин оҕолоро 2 кинигэ
P. 191

II ӨСПӨХ нэһилиэгэ

         биһиги  учууталбыт үчүгэйиэн,  өссө баттаҕын  кырыттарбыт диэн  өйдөбүл  миэхэ  иҥэн
         хаалбыт.                                                                        •  •
           Сэрии  ыар  сьшларыгар  турар-турбат  бары  холкуоспутугар  үлэлиирбит.  Кыра  оҕо
         холкуоска  көмөбүт диэн  —  хортуоппуй  үлэтэ.  Оччолорго  хортуоппуйу,  билиҥҥи  кур-
        дук сиргэ буолбакка,  кирээдэҕэ олордоллор.  Сыыс отун ыраастааһын,  көмүү, күн аайы
         биэдэрэнэн  уу  кутуута  —  биһиги  үлэбит.  Биригэдьиирбит  Ильин  Захар  Николаевич
         (Афанасий  Захарович  аҕата)  икки  баттыктаах  тайаҕынан  сылдьан  биһигини  салайан
         үлэлэтэр.  Биһигиттэн  аҕа  саастаах  оҕолор  улахан  дьону  кытта  тэҥҥэ  сайын  күн  тах-
         сыаҕыттан  киириэр диэри  окко  үлэлииллэр.  Үлэһит суох,  дьоммут бары сэриигэ сьы-
        дьаллар,  холкуос үлэһиттэрэ — дьахталлар,  оҕолор,  кырдьаҕастар,  ыарыһахтар.
            10-с  кылааһы  Дүпсүн  орто  оскуолатыгар  бүтэрэн  бараммын  Дьокуускайга  икки
         сыллаах култуурунай-сырдатар оскуола  (билигин  Культурный  колледж дэнэр) бибилэ-
        тиэчинэй этдэлиэнньэтин үөрэнэн бүтэрбитим.  1958 с. Сунтаар оройуонугар Арыылаах
         нэһилиэгэр  Аллаҥа  бибилэтиэкэтигэр  үс  сыл  бибилэтиэкэрдээбитим.  Онтон  1960  с.
        дойдубар Өспөххө кэлбитим.  Биир сыл кулуупка сэбиэдиссэйдээн баран бибилэтиэкэҕэ
         үлэлээбитим.
            1965  с.  Дьокуускайга  киирэн  Саха  судаарыстыбаннай  үнүбэрситиэтигэр  туттарсан
         биология-география бакылтыатын биология этдэлиэнньэтигэр киирэн устудьуон үрдүк
         аатын сүгэн  үөрэнэр чиэскэ тиксибитим.  Аны уопсайга ььтыллан  ырыаҕа ыпсаран  ыл-
        ламмыт,  хоһооҥҥо  хоһуллан  туойуллубут  аатырар-сураҕырар,  көрдөөх-нардаах  сэргэх
         Сэргэлээх 2-тин олохтооҕо буолан хааллым. Төһө да саастаах буолларбын,  10-тан тахса
        сыл  балыс  оҕолору  кытта  булкуһан,  «эн-мин»  дэһэн  үөрэммит  сылларбын  олус  үчү-
         гэйдик саныыбын. Уоллуун-кыыстыын олус элэккэй оҕолор этэ. Оҕолорум барахсаттар
         миэхэ,  саастаах  киһиэхэ,  бэйэлэрин  тэҥнээхтэрин  курдук  истиҥник  сыһыаннаспыт
         эрэ буолбатахтар,  мин  икки төгүл доруобуйабынан улаханнык моһуогура сырыттахпы-
         на,  миэхэ көмө-тирэх,  төһүү  күүс  буолбут,  үөрэхпин  кэмигэр бэйэлэрин  кьггта тэҥҥэ
        бүтэрэрбэр хаһан да умнуллубат сүүнэ улахан  үтүөлээхтэр.
           Наҕараадалара:  бэдэгэгиичэскэй  үлэ  бэтэрээнэ,  сыана  бэтэрээнэ,  1947  с.  «1941-
         1945  сс.  Аҕа  дойду  Улуу  сэриитин  кэмигэр  килбиэннээх  үлэтин  иһин»  мэтээллээх,
         Өспөх нэһилиэгин  Бочуоттаах олохтооҕо.


                                  Пудова Татьяна Степановна

           Аны  аҕыйах  ыйынан  Улуу  Кыайыы  75  сылын  бэлиэтиибит.
         Биһиги  көлүөнэ оҕолоруттан  бэрт аҕыйах  киһи  ордон  сылдьар,
         оҕо саас аччык сыллара,  ыарахан үлэ эрдэ туораталаата.
           Мин  оҕо  сааһым доҕотторо  олорбут сирбит аата Алыһардаах
         эбэтэр Арҕаа Уҥуор.  Холкуоспут аата  «Үүнэр олох».  Оччолорго
         бары  үрэх-үрэх аайы  тарҕанан  олорор  этибит:  Румянцевтар  аҕа
         уустара  Алыһардаахха,  Готовцевтар  —  Үчүгэй  үрэххэ,  Пудов-
        тар  —  Билиргэ,  Егоровтар,  Румянцевтар,  Назаровтар  —  Чүү-
         йүгэ.  Ыаллар  олорор  сирдэринэн  от  оттоон,  холкуос  сүөһүтүн
         көрөн, бурдук ыһан,  бултаан  олорбуттара.
           Сэриигэ  дьон  кыаллар  өттө,  18  саастарын  туолбут  ыччат,
         бастакы хомуурдартан барбыттара.  Үлэ барыта дьахталлар,  кыр-
        дьаҕастар,  оҕолор сүнньүлэригэр ха&чбыта.  Маны  кытта дойду үрдүнэн  уот кураан са-
         тыылаан, аһыҥа туран, олох ордук уустугурбута. Күн кылайа тыгыаҕыттан киэһэ хараҥа
         буолуор диэри  улахан  дьон,  оҕолор.  кырдьаҕастар сыһыылартан,  үрэхтэртэн  тахсыбат
         үһүлэр, туох эмэ кылайбытын аһыҥаттан  былдьаһан.  Онно эбии биһиги холкуоспутун
         1942 с. балык биригээдэтэ оҥорбуттара. Эр дьону, кыаллар дьахталлары ол биригээдэҕэ
         анаабыттар. Холкуос ол саҕана 70 сылгылаах, икки сүүстэн тахса сүөһүлээх эбит.  Киһи


                                                     187
   186   187   188   189   190   191   192   193   194   195   196