Page 317 - Сэрии кэмин оҕолоро 2 кинигэ
P. 317
ХОРО нэһилиэгэ
сабыдыалларынан 7-с кылааһы бүтэрэн, 1958 сыллаахха наспо направлениетынан
Дьокуускайга кулинарнай техникумҥа асчыт идэтигэр үөрэнэр.
Үлэтин бастакы хардыыларын Мүрү сельпотугар биэкэр-повар көмөлөһөөччүтүттэн
саҕалаабыт. Мантан ыла кини үөрэнэн, 1961 сыл муус устар ыйга Бороҕоннооҕу оҕо
тэрилтэтигэр «Мичил» детсадка Мүрү сельпотуттан көһөн асчытынан үлэлиир.
Анна олоҕун аргыһын Валенгины кытта өссө музыкатьнай училигцеҕа үөрэнэ
сырыттаҕына билсибиттэрэ. 1961 сыл ыал буолан, Бороҕоҥҥо биэс сыл олорбуттарын
кэннэ, Валентин аҕата Иннокентий Федорович, оҕолору аһатарга, улаатыннарарга нүөл
Бээрийэ курдук ордук табыгастаах сир-уот суох диэн, 1966 сыллаахха сайын Бээрийэҕэ
көһөн тиийэллэр.
Мантан ыла кинилэр саха ыалын сиэринэн сүөһүлэнэн-астанан, Бээрийэни дойду
оностон, үлэлээн-хамсаан, бултаан-балыктаан олохсуйан бараллар.
Валентин — электрик, сибээс монтера. Олоххо олус көхтөөх, үөрүнньэҥ, наһаа
сымнаҕас майгылаах, баяҥҥа, аккордеоҥҥа бэрт сатабыллаахтык оонньуур, техникаҕа,
матасыыкылга сыстаҕас. Балыктыырын, бултуурун сөбүлүүрэ. Оҕолорун биирдэ да
мөхпөт дьикти ураты сымнаҕас сыһыаннааҕа.
Онтон Анна Павловна 1966 сыл от ыйыттан саҕалаан, оҕо тэрилтэтигэр («Үрүйэчээн»
оҕо саадыгар) асчытынан 30-н тахса сыл олох хамсаабакка бэриниилээхтик үлэлиир.
Кини хааһытын, килиэбин, минньигэс аһын билигин да элбэх көлүөнэ дьон истиҥ
тылларынан ахталлар, махтаналлар.
Анна Павловна, билигин Дьокуускай куоракка олордор да, ыарахан күннэрдээх оҕо
сааһа ааспыт Майаҕаһын олуһун ахтар, сурукка-бичиккэ киирэринэн пропискалаах
олоҕо Хоро нэһилиэгэ буолар.
Онон Майаҕаһын үчүгэйдик, күндүтүк саныыр, олоҕун тухары олорбут Бээрийэтигэр
тардыһан сыл аайы тахсан сайылыыр.
Анна Павловна арылхай дириҥ харахтаах, айылҕаттан нус бааччы сымнаҕас, сэмэй
майгылаах, киэҥ көҕүстээх, кэрэ киһи. Оҕолоругар, сиэннэригэр сүрүн сүбэһит. Мунура
суох оҕомсох, ол курдук аһыныгас, харыстанньаҥ. Хас биирдии оҕотугар, сиэнигэр, хос
сиэнигэр тиийэ ураты истиҥ болҕомтолоох. Үлэттэн, ыарахантан толлубат, тулуурдаах,
уйумтуо, ис күүстээх дю дьиҥнээх ийэ. Ханнык да үлэ буоллун, кини аа-дьуо хаама
сылдьан, ыраастык тутан-хабан, бүтэрбитэ-оһорбута, кыайбыта-хоппута эрэ баар буолар.
Элбэх саҥата суох эрээри, сыыйа-баайа ис-иһитгэн тахса турар, киһи төһө баҕарар истэ
туруох курдук кэпсиир дьикти дьоҕурдаах. Алтыспыт дьонуттан кинини иһигэр киллэрэн,
хайгыы, сөҕө санаабыт киһини булан ылар олус судургу. Дьон киниэхэ тардыһар, олус
ыгыктыыр. Хаһан баҕарар, ханна баҕарар, дьонугар, оҕолоругар аһы ас курдук тутан,
олус ытыктабыллаахтык, суохтан баартан холбоон, сыа-сым курдук тутан остуолга тардар
ураты абылан күүстээх. Оҕо, сиэн, уруу олус таптыыр, өрүү махтанар, холобур ылар, киэн
туттар истиҥ ийэтэ, эйэҕэс эрэллээх эбэтэ. Ким да буоллун: кийиит, күтүөт, сиэннэр бары
эбээ бэрэскитин, миинин, оннооҕор үүттээх чэйин ураты минньигэһин бэлиэтииллэр.
Оҕолорго, сиэннэргэ анаан бэрэски оҥорон тоҥорон ханна олороллорунан ыытар,
түҥэтэр үгэстээх. Анна Павловна үүттээх чэйин иһээри сайын дойдутугар Бээрийэҕэ
эбэтэр Майаҕаска олордоҕуна кэлэр ыалдьыт үксүүр.
Ална Павловна соҕотох бэйэтэ Валентин Иннокентьевичтыын ыал буолан элбэх
оҕолонон, сиэннэнэн, хос сиэннэнэн билигин улахан, киэҥ аймах түс-бас ытыктанар,
тапталлаах ийэтэ, эбэтэ, хос эбэтэ.
Оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ Дьокуускайга, Москваҕа, Лондоҥҥа, Орто
Халымаҕа, Мэҥэ Хаҥаласка, Уус Алдаҥҥа олороллор, үлэлииллэр, үөрэнэллэр.
Уус Алдан улууһун Бээрийэ нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, үлэ бэтэрээнэ, сэрии
сылын оҕото.
Ахтыыны суруйда төрөппүт кыыһа,
М айаҕас о.ю.хтооҕо, үлэ бэт эрээнэ К ы ч к и н а В .В .
313

