Page 324 - Сэрии кэмин оҕолоро 2 кинигэ
P. 324

ХОРО нэһилиэгэ

                                    Албан  Аат  үһүс  степеннээх  уордьаннарынан,  элбэх  бойобуой
                                    мэтээллэринэн  наҕараадаланан  кэлбитэ.
                                      Ийэм  Варвара  Григорьевна  Баатаҕай  нэһилиэгиттэн  төрүт-
                                    тээҕэ,  «Куотука»  холкуос  чулуу үлэһитин быһыытынан  эр киһи
                                    үлэтин  барытын  толорон,  сэрии  кэмин  туораабыта.  Үрдүк
                                    унуохтаах, дьахтар киһиэхэ ураты күүстээх, хоһуун үлэһит киһи
                                    быһыытынан  биллэрэ.  Мас  кэрдэн  киллэрэн  мөлтөөбүт-ахсаа-
                                    быт  ыалларын  оһохторун  оттон  абырыыра.  Кууллаах  бурдугу,
                                   уматыктаах  буочукалары  соҕотоҕун  сүгэн-көтөҕөн  тиэйэн  аҕа-
                                   ларын  дьон  билиҥҥээҥҥэ  диэри  сөҕөн-махтайан  сэһэн  гынан
                                    кэпсииллэр.  Сайынын  көлөнөн  от  оҕустарааччы,  хотуурдаах
                                   бастыҥа,  кыдамаһыт баабыйа эбитэ үһү.  Ийэм  олус  холку май-
           гылааҕа, суохтан  баар оҥорон  өрүү өлгөм  астаах остуоллааҕа.  Ыанньыксыттыыр кэми-
           гэр ыаллар оҕолорун аһатан-сиэтэн абырыыра.
              Мин,  ыал  улахан  кыыһа  буоламмын,  ийэм  ыанньыксыттыыр  эрдэҕинэ,  түүн  үс
           чааска  уһугуннаран  ферма  хотонугар  бэйэтин  кытта  илдьэ  барара.  Уубун  кыаммакка,
           утуйан бара турар буоламмын: «Тоойуом, күнүс утуйаар, миигин кытта барыс», — диэн
           ааттаһан  туруорара.  Аны  санаатахха,  киниэхэ  да  хараҥа  хотоҥҥо  харбыалаһар  сат-
           лыылаах буолаахтаатаҕа...  Оттон  мин  күнүс  утуйа сытыам  баара дуо.  Оҕо көрүүтүттэн,
           дьиэ,  уот хомуйуутуттан ордоохтообот этим. Оҕо буолан оонньуу да түһүөхпүн баҕаран
           эрдэҕим...  Кэлин  ньирэй  буостуктуур кэмигэр баран аһатыһар,  эбии аһылык тасыһан,
           саах күрдьэн,  ньирэй хомуйан  аҕалсан  көмөлөһөр этим.
              Сэрии  кэнниттэн таҥас-сап кэмчи  буолан,  мэлдьи  атах сыгынньах сылдьарбын  өй-
           дүүбүн. Биирдэ оҕолору кытта отоннуу атах сыгынньах барбыппар, ойуурга этэрбэспин
           илдьэн  биэрбитин  хаһан  да  умнубаппын.  Үлэтиттэн  кэлээт,  абырахтыы  охсон  отон-
           нуур  сирбитигэр  илдьэн  биэрээхтээбитэ.  Миигин  дэлэлээх  харыстаан,  ийэм  барахсан
           оннук дьаһайбыта буолуой...
              Аҕабыт  мэлдьи  бултаан-алтаан  аһатара.  Ийэбит  собону  араастаан  буһарара.  Түүн
           оһох иһигэр хоннорон кэнсиэрбэлиирэ, сороҕор ыһаарылаан минньитэн сиэтэрэ.  Ийэ-
           бин  кытта  сайын  ыам  быыһыгар  оттуур  этибит.  Улахан  баҕайы  хотуурунан  киэҥник
           далайан  охсубут сирин  мин дьоҕус  кыраабылбынан  мунньар этим.  Сороҕор бааһынаҕа
           гахсан  бурдук  тохтубутун  хомуйан  кэлээччибит.  Ону  суорунаҕа  тардан  мээккэлээн,
           минньигэс бэйэлээх лэппиэскэ буһарынан сиэччибит.
              Чараҥ сэлиэнньэтин оскуолатыгар  1958 сььътаахха төрдүс кылааһы, онтон Мүрү орто
           оскуолатыгар  1962  сыллаахха ахсыс кылааһы бүтэрбитим.  Бүлүү куоратыгар  Н.Г.  Чер-
           нышевскай  аатынан  педагогическай  училшцеҕа  1962—1966  сыллардаахха  үөрэнэн  на-
           чаалынай  кылаастарга  учуутал  идэтин  ылбытым.  Үлэбин  ити  сыл  Уус Алдаҥҥа  Мүрү
           орто  оскуолатын  начаалынай  кылаастарыгар  саҕалаабытым.  Аҕыйах  сыл  Майаҕас  на-
           чаалынай  оскуолатыгар  учууталлаабытым,  интэринээт,  детсад  иитээччитинэн  үлэлээ-
           битим.  Онтон  Бүлүү  оройуонугар  Чернышевскайдааҕы  орто  оскуола  старшай  пионер
           баһаатайынан,  продленнай  группа  иитээччитинэн,  Степан  Аржаков  аатынан  сопхуос
           бэйэтин детсадын  сэбиэдиссэйинэн  ананан үлэлээбитим.
              1979  сыллаахха,  кэргэним  оройуон  хаһыатыгар  үлэҕэ  ыҥырыллыбытынан  сибээс-
           тээн,  Бүлүү  куоратын  иккис  нүөмэрдээх  оскуолатыгар  продленнай  группа  иитээччи-
           тинэн  үлэлээбитим.  Ол  саҕана  оройуон  үөрэҕириигэ  управлениетын  быһаарыытынан
           «үрдүк категориялаах учуутал» аата иҥэриллибитэ. Өрөспүүбүлүкэтээҕи идэни үрдэтии
           институтугар кэлэн алта төгүл анал куурустарга дьарыктаммытым.  Оччолорго мин үлэ-
           лиир  продленнай  группам  базатыгар  Үөрэх  министерствота  хаста  даҕаны  анал  семи-
           нардары,  куурустары  ыытан холобур туттар буолбута.
              Ити  сылларга  сахалыы  остуол  оонньууларын  оҕолорбор үөрэтэрим,  дьарыктыырым
           сэҥээриллэн,  өрөспүүбүлүкэ  үрдүнэн  тарҕатылла  сылдьыбыта.  Начаалынай  кылаас-
           тарга  уруок  быһыытынан  дуобат  оонньуутун  киллэриини  тэрийбитим.  Оҕолорбутун



                                                       320
   319   320   321   322   323   324   325   326   327   328   329