Page 38 - Сэрии кэмин оҕолоро 2 кинигэ
P. 38

МҮРҮ нэһилиэгэ

                                    Захарова Надежда Николаевна

                                        Мин  Дьокуускай  оройуонугар  Хатаска  1936  сыллаахха  атыр-
                                     дьах ыйын 4 күнүгэр күн  сирин  көрбүтүм.
                                        Төрөппүттэрим холкуостаахтар. Аҕам Захаров Николай Алек-
                                     сеевич  Чурапчыттан  төрүттээх,  ийэм  төрүкү  Хатас.  Захарова
                                     Парасковья  Ивановна диэн,  ыанньыксыт.
                                        Бииргэ  төрөөбүт  12  оҕоттон  эдьиийбиниин  Захарова  Лидия
                                     Николаевналыын  хаалбыппыт.  Эдьиийим  эдэр  сааһыгар  олох-
                                     тон  барбыта.  Кини  оҕолоро бааллар.
                                        Сэрии  кэмигэр  мин  кыра  сылдьан  ийэбэр  көмөлөһөр  этим.
                                     4-5  сааспыттан  ньирэйи  эмтэрэрим,  тымтык  тутарым.  Оччоҕо
                                     электричество  уота  суоҕа.  Уот  1953  с.  киирбитэ.  Ол  иннинэ
             чүмэчи уотунан олорбуппут.
               Сэрии кэмигэр оҕолорго детсад аһыллан, онно сылдьыбытым, онтон оскуолаҕа бар-
             бытым.  Хатас оскуолата  Самсоновтар ааттарын  сүгэр.  Мин  1953  с.  үөрэхпин  бүтэрэн,
             Хатаска холкуоска араас үлэҕэ сылдьыбытым.  Онтон  1955 олоҕум аргыһын  көрсөммүн
             ыал  буолбутум.  Кэргэним  Ефремов  Иван  Михайлович  Хатас,  суоппар  этэ.  Хатаска
            суоппардыы  сылдьан  партия обкомугар үлэлии  киирбитэ.  Онно  үлэлии  сырыттаҕына,
             Уус  Алдан  райкомун  сэкирэтээрэ  Атласов  Николай  Михайлович  үлэҕэ  ылбыта,  онон
             Уус Алдаҥҥа кэлбиппит.  Иккис дойду оҥостон олорбуппут, кэнники  1969 с.  сельхозка
            үлэҕэ  киирэн,  биэнсийэҕэ  тахсыар  диэри  үлэлээбитэ.  Мин  1972  с.  Мындааба  «Кэн-
            чээри»  детсадыгар  биэнсийэҕэ  тахсыахпар  диэри  үлэлээбитим.  Үс  оҕолоохпун,  тоҕус
            сиэннээхпин,  10-тан  тахса  хос  сиэннээхпин,  дьошюох  эмээхсиммин.  Бшгигин  биэн-
            сийэҕэ тахсан олоробун,  үчүгэй  кэлэктиипкэ  үлэлээбиппинэн  киэн туттабын.


                                       Иванова Тамара Андреевна

                                        Аҕабыт  Никифоров  Андрей  Григорьевич  уонна  ийэбит  Бур-
                                     цева Акулина  Михайловна  сүрэхтэринэн  сөбүлэһэн,  сүбэлэрин
                                     холбоон,  1934 с.  ыал  буолбуттар.  Аҕабыт оччолорго  Бороҕоҥҥо
                                     ШКМ-ҥа  (школа  коммунистической  молодежи)  завучтуур уон-
                                     на  үөрэх профсоюһун  бэрэссэдээтэлинэн  үлэлиир.
                                        Бу  кэмҥэ  дьоммут  Чараҥҥа  аймахтарыгар  Бурцевтарга  дьу-
                                     каах олорбуттар,  ийэбит олохтоох алын  сүһүөх  оскуолаҕа  учуу-
                                     таллаабыт.  Эһиилгитигэр  Бороҕоҥҥо  көһөн  киирэллэр,  бу
                                     кэмҥэ  бастакы  оҕолоро  Света  күн  сирин  көрөр.  Ол  эрээри
                                     эдьиийбит  эрэйдээх  киһи  буолар  дьылҕаламматах,  баара-суо-
                                     ҕа  түөрт  саастааҕар  тымныйан  ыалдьан  өлөөхтөөбүт.  Ити  сыл,
             1939 с. сайыныгар,  мин төрөөбүппүн.  Эһиилгитигэр дьонум,  миигин  Чараҥҥа эбэлээх
            эһэбэр  хаалларан  баран,  Дьокуускайга  үөрэнэ  киирэллэр.  Ийэм  педучилигцеҕа,  аҕам
            пединститукка үөрэнэллэр.
               Аан  дойдуну атыйахтаах уу курдук аймаабыт Аан дойду  сэриитин  уота  аны  1941  с.
            биһиги Ийэ дойдубутугар күүдэпчилэнэр.  Эдэр-чэгиэн дьон бары кэриэтэ Аҕа дойдуну
            көмүскүүр сэриигэ  ыҥырыллаллар.  Оттон  биһиги дьоммутун хоту  Булуҥ оройуонугар
            үлэлэтэ ыыталлар,  ийэлээх аҕам  миигин,  икки аҥаар саастаах кыыһы,  илдьэ бараллар.
            Аҕам  Күһүүргэ  1944—1945  сс.  ситэтэ  суох оскуолаҕа  уонна  педучилищеҕа  икки  сиргэ
            тэҥинэн дириэктэринэн  үлэлиир,  оттон  ийэм  алын  сүһүөх  кылаастарга  учууталлыыр.
            Ити  кэмнэргэ  биһиги  оскуола дьиэтигэр  олорбуппут.  Ийэм,  миигин  көрөр  киһи  суох
            буолан,  кылааска илдьэ  киирэн,  хаһыат кумааҕытын  уонна харандаас биэрэн  паартаҕа


                                                         34
   33   34   35   36   37   38   39   40   41   42   43