Page 112 - Сэрии кэмин оҕолоро 1 кинигэ
P. 112
БЭРТҮУҺУН нэһилиэгэ
8 кылаас кэнниттэн үөрэх туттарса киирэн баран, аҕабын ахтан төннөн тахсыбытым.
Оо, онно аҕам дьоллоох олус үөрбүтэ: «Хата, оҕом тыыннаах кэллэ», — диэн. Онтон
ыла ханна да үөрэнэ барбатаҕым. Нэһилиэккэ араас үлэлэргэ үлэлээн баран, кэнники
наар ыанньыксыттаан, эдэр кыргыттары кытта сайылыктарга, «Үөлэн», «Севернэй»,
«Үҥкүр» хотоннорунан, Мэкэригэ үлэлээбитим. Олус иллээхтик-эйэлээхтик үлэлээ-
бит эбиппит. Билигин ахтан-санаан аастахха үчүгэй да кэмнэр эбиттэр. Сыл-хонук
дииллэрэ кырдьык буоллаҕа.
Кэнники олох көнөн истэҕин аайы кэрэ-үтүө кэмнэр кэлэн испиттэрэ. Дьоҥҥо
иллээх-эйэлээх сыһыаннаах буолан, ким да мөхпөккө-эппэккэ, дьону кытта кыахпы-
тынан үлэлээн-хамнаан кэллэхпит. Төһө да үөрэммэтэрбин, үлэлээбит кэмнэрбэр
бастыҥ үлэлээх-хамнастаах дьон сүбэтинэн, «Лена», «Сардаҥа» сопхуостарга кыра да
буоллар, көмүс көлөһүммүн тохпут курдук саныыбын.
Кэлин, Улуу Кыайыы 65 сылын көрсө дойдубар, Хатыҥ Сыһыыга биир дойдулаах-
тарбыт булсан, оҕолорун сүтэрбит ийэлэргэ, сэриигэ өлбүт дьоммутугар анаан өйдөбүн-
ньүк бэлиэ туруорбуппут. Онтон Кыайыы 70 сылын көрсө улахан ыһыах буолбута,
онно аныгы сиэринэн ытык сэргэ туруорбуттара. Бу түмсүүбүтүн педагогическай үлэ
бэтэрээнэ, Чараҥ бөһүөлэгин олохтооҕо Клара Афанасьевна Неустроева иилээн-саҕа-
лаан тэрийбитэ. Клара Афанасьевна дойдутун дьонун олохторун, төрүччүлэрин, ах-
тыыларын мунньан, хас да кинигэни бэлэх уунан хаалларбыта.
Нэһилиэккэ ыытыллар араас тэрээһиннэргэ түөлбэ начальнигыттан саҕалаан, оскуо-
ла төрөппүтүн комитетын бэрэссэдээтэлинэн, дьахтар комитетын чилиэнинэн, онтон
да атын обгцественнай үлэлэргэ күүһүм-кыаҕым тиийэринэн активнай кыттыыны ыла-
рым. Кырдьаҕастар сэбиэттэрин чилиэнинэн хас да сыл үлэлээбитим. 1997 сыллаахха
2 дьүөгэбин кытта «Аһымал» диэн түмсүүнү тэрийэн, бэрт көхтөөхтүк үлэлээбиппит.
Кэнники сылларга доруобуйам туруга эппиэттээбэт буолан, ити үлэлэр тохтотуллан,
эдэр ыччат илиитигэр бэриллибитэ.
Үөрэҕэ да суох буолларбын, нэһилиэккэ араас түмсүүлэри тэрийсэн, дьон сынньа-
лаҥын туһалаахтык атааралларын көҕүлээн ааспыппыттан, сүбэ-ама, көх-нэм буолан
кэлбиппиттэн астынабын.
Улууһум социальнай тэрилтэтэ, кырдьаҕастар сүбэлэрэ, культура управлениета,
нэһилиэгим дьаһалтата, «Айылгы» сынньалаҥ киинэ үрдүктүк сыаналааннар, араас
таһымнаах махтал суруктар, грамоталар, эҕэрдэлэр, бэлэхтэр күндүтгэн күндү мал буо-
лан, хараллан сыталларыттан астынабын, үөрэбин.
Улууска 1983 сыллаахха ыытыллыбыт «Норуот талааныгар сүгүрүйэбит» диэн П-с
өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээлгэ фольклор көрүҥэр — оһуокайга лауреат үрдүк аатын
ылбытым. Сценкаҕа кыттан, бастыҥ оруолу толорууга, сольнай ырыаҕа дипломант
уонна лауреат буолуталаабытым. Нэһилиэгим үйэ-саас тухары кулуупка культурнай
тэрээһиннэргэ босхо сылдьар удостоверение биэрбитэ.
Олорон ааспыт олохпутун биһиги көлүөнэ дьон сүрдээҕин күндүтүк саныыбыт. Били-
гин 5 оҕом, 20-чэ сиэн, 20-чэ хос сиэн үөрүүтүн үллэстэн, 76-с хаарбар үөрэ-көтө, этэҥҥэ
олоробун. Үтүө сандал сааһы күүтэбин, Улуу Кыайыы 75 сылын үөрэ-көтө көрсөн, умнул-
лубат дьоллоох олох салҕана, чэчирии туруон баҕарабын. Сэрии эрэ буолбатын, дьол-соргу
эрэ аргыстастын, эйэлээх олох эрэ чэчирии турдун диэн алгыс тылбын аныыбын.
Олунньу 4 күнэ, 2020 с.
Иванова Татьяна Николаевна
Мин 1944 сыл от ыйын 20 күнүгэр Уус Атдан улууһун Чэриктэй бөһүөлэгэр
төрөөбүтүм. Оҕо сааһым Тэбиик нэһилиэгин Ампаардаах диэн алааһыгар ааспыта.
Аҕам Попов Николай Митрофанович, 1943 с. сэриигэ баран, 1944 с. бааһыран эр-
гиллэн кэлбитэ. Төрөппүт ийэм Сыроватская Мария Афанасьевна, миигин оҕолонон
баран, эдэр сааһыгар ыалдьан өлбүт.
108

