Page 127 - Сэрии кэмин оҕолоро 1 кинигэ
P. 127

БЭРТ ҮҮҺҮН нэһилиэгэ

            Аҕам  балта,  биллиилээх суруналыыс  Нина  Иннокентьевна  Протопопова:  «Убайбыт
          үөрэхтээҕэ буоллар,  чугаһынан  киниэхэ тэҥнэһэр  киһи  аҕыйах буолуо этэ»,  — диирэ.
            Аҕам сэрии кэмигэр, сэрии кэнниттэн үлэлээбит кэрдиис кэмнэриттэн кэлэр көлүөнэ
          ыччат,  ханнык  баҕарар  үлэҕэ  ирдэбиллээхтик,  эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһан,  үтүө
          суобастаахтык  үлэлээтэххэ,  албан  аакка,  чиэскэ-бочуокка  тиксиэххэ,  үлэттэн  дуоһу-
          йууну ситиһиэххэ сөбүн  биллиннэр диэн  киллэрдим.
            Кэлин  олох  сайдан,  аҕам дьонун  кытга  «Степан  Аржаков»  сопхуос  киинигэр  4  хостоох
          дьиэҕэ көһөн кэлэн, бу олохтон барыар диэри олорбуга.  Саҥа дьиэ тэриллэнэн, таҥас-сап,
          ас-үөл элбээн, олохторо тупсубута. 90-с сыллардаахха ас-үел аҕыйах кэмигэр да тиийдэхпи-
          тинэ, аҕам, персональнай пенсионер буолан, аһын-үөлүн хааччыйатлар эбит этэ, онон элбэх
          үчүтэй астаах-үөллээх буолааччылар. Аҕам олох тупсубутутган наһаа астынар, үөрэр этэ.
            Ол да буоллар,  сэрии толоонугар баран тыыннарын толук уурбут биир дойдулаахта-
          рын, аймах-билэ дьоннорун, бииргэ төрөөбүт убайдара  Кирилэ,  Ылдьаа сэриигэ ьыбыт
          баастарыттан  тэптэрэн,  сэрииттэн  кэлэн  баран  эрдэ  өлбүттэрин,  быраата  Көстөкүүн
          кэргэннэммэккэ  да  сэриигэ  баран,  эдэркээн  тыына  быстыбытын,  сэрии  кэминээҕи
          ыарахан  олоҕу мэлдьи харааста ахтар,  саныыр этэ.
            Кыра  ахсааннаах  нэһилиэнньэлээх:  73  хаһаайыстыбалаах,  60-ча  ыаллаах  Сталин
          аатынан  холкуостан  сэриигэ 43  киһи,  үлэ фронугар  16  киһи  ыҥырыллыбьгг.  Онтон  23
          киһи  эргиллибит.  Сут сылларыгар  19  киһи  ыалдьан өлбүттэр.
            Марфа  Руфовна  Протопопова  сэрииттэн  3  уола,  1  сиэнэ  эргиллибэтэхтэрэ.  Аны
          сэрии  сььтларыгар аас-туор олохтон  ыадцьан,  2 улахан  уола өлөллөр,  онон сэрии  соду-
         лутган  Марфа  Руфовна  8 оҕолооҕуттан сэттэтиттэн  илии соттубута.  Онон ийэ эрэйдээх
          бу  орто  дойдуттан  хомойон,  хоргутан  барбыт  буолуохтаах  диэн  Нина  Иннокентьевна
          суруйан хаалларбыта.
            Билигин  Уоттуга  олорбут  дьиэтин  оннугар  Ытык  Ийэҕэ  —  Марфа  Руфовна  Про-
         топоповоҕа  аналлаах  кэриэстэбил  бэлиэтэ  —  сэриигэ  баран  өлбүт,  тыылга  үлэлээбит
         дьоҥҥо аналлаах сүгүрүйүү бэлиэтэ тураллар.
            Саха сириттэн  сэриигэ  62500  киһи  барбыт,  24000  киһи  эргиллэн  кэлбит.  Бу аҕыйах
          ахсааннаах омуктан чулуу дьоммут баран  сырдык тыыннара быһыннаҕа.
            Аҕам  7  оҕотуттан  50-ча  сиэннэнэн,  хос  сиэннэнэн  олохтон  астынан-дьоллонон  93
          сааһыгар  өлбүтэ.  Ийэм  барахсан  сэрии  содулуттан,  ыар  олохтон  ыарыһах  буолан,  ол
          үөрүүгэ  тиксибэккэ  эрдэ  бараахтаабыта.  Билигин  кинилэр  олохторун  оҕолоро,  сиэн-
         нэрэ,  хос  сиэннэрэ  салгыыллар,  үйэтитэллэр.  Кырдьык да,  сэрии  буолбатаҕа буоллар,
         сэриитгэн  эргиллибэтэх  дьоммут  биир  бэйэлэрэ  биэс  буолан,  сахалар  омук  быһыы-
         тынан тэнийбит,  таһыммыт өссө үрдээбит,  сайдыбыт буолуо этибит.
            Билигин  сэрии  кэмэ  буолбатах.  Ыал  буолан,  оҕо-уруу  төрөтөн,  саханы  элбэтэн,
         олохтон,  үлэттэн  салгыбакка,  олоҕу,  дьону-сэргэни  харыстаан,  иллээхтик-эйэлээхтик
         олорор, сүрэхтээх үлэһит киһи  үлэттэн дьолун булар тоҕоостоох кэмэ кэллэ. Дьыл-күн
         уларыйан,  олох бэйэтин  айылҕатынан  устан  иһиэ.  Оҕолорбут,  сиэннэрбит,  үөрэх,  үлэ
         суолун  тутуһан,  киэҥ  аартыкка  үктэнэн,  үүнүү-сайдыы  суолунан  иннилэрин  диэки
         баран  истиннэр.  Аҕа  көлүөнэ  дьон  хаалларбыт  үөрүйэхтэрин,  үгэстэрин  умнубакка
          кинилэр  үрдүк ааттарыгар сүгүрүйэ,  өйдүү-саныы  сылдьыахтара диэн эрэллээхпин.
             Старшай  учуутал,  РФ  үөрэҕириитин  туйгуна,  «Уус  Алдан  улууһугар  үөрэҕирии  сай-
          дыытыгар киллэрсибит кылаатын иһин»  бэлиэ хаһаайката.
                                                                          Тохсунньу 29 күнэ,  2020 с.


                              Садовникова Клара Спиридоновна

            Мин  1945  с.  алтынньы  3  күнүгэр  Уус  Алдан  оройуонугар  Бэрт  Ууһун  нэһилиэгэр
          күн  сирин  көрбүтүм.  Аҕам  Охлопков  Спиридон  Васильевич,  ийэм Данилова  Матрена
          Михайловна,  саастарын  тухары  Сыырдаахтан  тэйбэтэх дьон.  Аҕам  1942  с.  Аҕа  дойду-


                                                     123
   122   123   124   125   126   127   128   129   130   131   132