Page 124 - Сэрии кэмин оҕолоро 1 кинигэ
P. 124
БЭРТҮҮҺҮН нэһилиэгэ
Иккис уол Василий — идэтинэн тутуу маастара, крановщик. Икки оҕолоох. Кыыһа
үрдүк үөрэҕи бүтэрэн, кэргэн тахсан, сбербаҥҥа үлэлиир. Уола үлэлээбэт.
Эдуард куоракка пенсияҕа тахсан олорор, икки уоллаах. Улахан уол юрист идэлээх,
аччыгый уол контрагынан Кореяҕа үлэлиир.
Улахан кыыһым Александра икки оҕолоох. Улахан уола Саша куоракка физик-про-
граммист идэлээх, үлэлии сылдьар. Кыра уол Петя Москваҕа олорор, үлэлиир. Кэргэн-
нээх, кыыс оҕолоох. Идэтинэн инженер-энергетик.
Аччыгый кыыһым Виктория Бороҕоҥҥо олорор. Түөрт кыыс оҕолоох. Икки кыыһа
ыат, түөрт сиэннээх. Кыргьггтар бары үрдүк үөрэхтээхтэр, идэлэринэн үлэлии сылдьа.шар.
Аччыгый уолум Вадим Бороҕоҥҥо олорор. Кэргэннээх, икки оҕолоох, биир кыыс
сиэннээх. Кэргэнинээн реабилитационнай кииҥҥэ үлэлииллэр. Оҕолоро иккиэн үрдүк
үөрэхтээхтэр. Кыыстара Москваҕа олорор, үлэлиир. Радиоинженер идэлээх. Уоллара
инженер. Билигин биэс оҕолоохпун, уон үс сиэннээхпин, тоҕус хос сиэннээхпин. Пен-
сияҕа тахсан, дьиэбэр олоробун.
Кыайыы 75 сылын этэҥҥэ көрсүөххэйиҥ. Аны хаһан да сэрии буолбатын, Ыраас хал-
лааммыт өлбөөрбөтүн, сут-кураан кэлбэтин. Бары доруобай буолуҥ, оҕолорбут этэҥҥэ
сырыттыннар диэн алгыыбын.
Олунньу 1 күнэ, 2020 с.
Протопопова Зоя Петровна
Бу орто дойдуга хас биирдии киһи күн сирин көрүөҕүттэн
бэйэ-бэйэтигэр майгыннаспат тус-туспа олоҕу олорон ааһар
эбит. Ол барыта кини төрөөбүт-үөскээбит сириттэн-уотут-
тан, төрдүлэриттэн-уустарыттан, дьонноруттан-сэргэлэриттэн
силистэнэн, айдарыллан, тулалыыр эйгэтиттэн ситэриллэн тах-
сар быһыылаах.
Ол курдук, мин бэрт кыра нэһилиэнньэттэн сүүнэлээх
өрөспүүбүлүкэ, дойду таһымнаах, үтүө-мааны үлэһит дьон
төрөөбүт-үөскээбит, тэбиилээх буордаах Бүлүү оройуонун Уот-
ту нэһилиэгэр холкуостаах дьиэ кэргэҥҥэ 6-с оҕонон күн сирин
көрбүтүм.
Аҕам Петр Иванович, ийэм Марфа Федоровна, оччотооҕу
олох сиэринэн, төрүт эдэр саастарыгар холбоһон, ыал буолан Уотгуга олорбуттара.
Сэрии эрэ иннинэ, сэрии кэмигэр төрөөбүт 5 оҕолоруттан 3 оҕо кыраларыгар өлөннөр,
2 оҕолоро: убайым Толя, эдьиийим Тоня хаалбыттар. Кэлин утуу-субуу 5 оҕолонон,
биһиги 7 буолан улааппыппыт. Аҕам доруобуйатынан сыыйыллан сэриигэ барбатаҕа,
кыра сааһыттан араас ыарахан үлэлэргэ: от охсуутугар, бурдук быһыытыгар, сылгы,
ынах көрүүтүгэр үлэлээбитэ. Сэрии сылларыгар ударнай үлэтин иһин Москватган
И.В. Сталинтан Махтал сурук туппута. Килбиэннээх үлэтин иһин Сталин төбөлөөх сэ-
рии сылларынааҕы мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Биһиги сэрии сылларынааҕы олох-
дьаһах туһунан аҕабыт кэпсээбититтэн билэбит. Кини маннык кэпсиирэ:
«Ол саҕана төһө да ыарыһах, сылаабай буол, сытан хаатыы диэн суох этэ. Дьон чэ-
гиэнэ, эдэрэ бары сэриигэ, оттон саастаах өттө, төһө да кырдьаҕас буол, үлэ фронугар
барбыттара. Хаалбыт дьоҥҥо түүлээх былаана түһэриллэрэ, мин любитель булчут, оҕо-
ну-дьахтары салайан үлэлэтэр тутаах үлэһит буолбутум. Оччолорго заем суруйтарыы-
тыгар, эт, арыы туттарыытыгар байыаннай нолуок түһэриллэрэ. Ону барытын булгуччу
төлүөхтээххин.
Аны 1942-43 сыллардаахха кураан буолан ардаабакка, үүнээйини аһыҥа буулаан,
күөҕү ордорбокко, ойуур маһын күөҕүн кытта дьукку эмэн, сут дьыллар туран, сэриигэ
мэҥэстэн дьулаан да күннэр, дьыллар ааспытгара. Бурдук үүммэккэ, олох-дьаһах өссө
120

