Page 225 - Сэрии кэмин оҕолоро 1 кинигэ
P. 225

КУРБҮҺАХ нэһилиэгэ

                              Аммосова Елизавета Григорьевна

            Үлэ,  тыыл  бэтэрээнэ  Елизавета  Григорьевна  Курбуһах
         нэһилиэгэр  хара  төрүөҕүттэн  олоҕун  тиһэх  күннэригэр  диэри
         төрөөбүт төрүт сиригэр олорон,  үлэлээн  ааспыта.
            Елизавета  1928  сыллаахха  балаҕан  ыйын  10  күнүгэр
         Быччыылыкка  Мас  Бүтэй  диэн  сиргэ  Уруу  Күрүөҕэ  билигин
         баар  Алыҥах  бааһынатын  аллараа  өттүгэр  саха  балаҕаныгар
         дьадаҥы  бааһынай  кэргэнигэр төрөөбүтэ.  Аҕата Аммосов  Гри-
         горий  Степанович  Илииһэ  кыра  эрдэҕинэ  өлбүтэ.  Ийэтэ  Со-
         фья  Николаевна  —  Бурнашев  Николай  Иванович  (Лэкэр  уола)
         диэн Окоем Күөлүн олохтооҕо, ааттаах тимир, мас ууһа, талаан-
         наах  тарбахтаах  киһи  төрөппүт  кыыһа  этэ.  Григорийдаах  Со-
         фья  тоҕуста  оҕоломмутгара  да,  Илииһэ  кыыс  соҕотоҕун  ордон
         хаалбыта.  Ийэтэ  Софья  иккистээн  кэргэн  тахсан,  Тандаҕа  олохсуйа  барбыта.  Илииһэ
         кыыһы эһэтэ оҕонньор иитэ ылан,  оҕо оҥостон илдьэ хаатбыта.  Кини олорбут, улаап-
         пыт,  үлэһит буолбут сиринэн  Күөтгүк халдьаайытыгар баар  Ньукулай оҕонньор алааһа
         буолар.  Кыра  кыыс  ынах хомуйан, эһэтигэр күөрт күөртээн  көмөлөһөн  үлэлээбитинэн
         барбыта.  Илииһэ  кыыс  оҕо  сааһа,  оччотооҕу  оҕолор  дьылҕаларын  курдук,  сэрии  сут,
         кураан  дьыллар  кыһалҕаннарыгар  түбэһэн,  оскуолаҕа  баара-суоҕа  иккис  эрэ  кылааһы
         үөрэнэн бүтэрбитэ.  Ол  иһин  кыра  оҕо сааһытган  оччотооҕу Молотов аатынан холкуос
         үлэтигэр  эриллэн  үлэһит  буолан  улааппыта.  Кыайар-хотор  эдэр  үлэһитгэр  сэриигэ
         баран, оҕо, дьахтар, оҕонньор, эмээхсин хаалан, холкуос үлэһиттэрэ буолбуттара. Амы-
         рыын  сыллар кэлбиттэрэ оҕо киһи өйүттэн-санаатыттан сүппэт.
            «Саас  ыһыыга  күн  күөрэйиэҕиттэн,  хара  киэһэҕэ диэри  оҕус  сиэтэн  иһэн утуктаан,
         иһинэн-таһынан хаамтаран мөҕүллэр буолуллар этэ. Сайын аһыҥка туран, бурдукпутун
         сиэн,  бааһына  кытыытыгар  умуһах  хаһар  этибит.  Аһыҥканы  онно  түһэрэн  өлөрөөрү.
         Этэрбэспит иһигэр тобус-толору аһыҥка туолар этэ.  Сэриигэ барбыт дьон аймахтарын
         кыаммат өттүлэрин,  тулаайахтарын  Кырдалга  баар  саха  балаҕаныгар  мунньан  олорду-
         буттара.  Биир кыһын,  мин, уон түөрт саастаах кыыс, ол дьоҥҥо тыаттан оҕуһунан мас
         таһан  кыстаабытым.  Оччолорго  таҥас-сап  да  суоҕа.  Эбэм  Пестрякова  Прасковья  Ни-
         колаевна,  иистэнньэҥ буолан,  мин  итии  таҥастаах буолан,  Саха  сирин тоһуттар  тым-
         ныытын  тулуйан  мас  тиэйэр  буоллаҕым.  Сэрииттэн  Окоемов  Гаврил  Макарович  ара-
         анньы  буолан  кэлэн  холкуос  бэрэссэдээтэлэ  буолбута.  Окоемов  Макар  оҕонньор  уола
         Макар  оҕонньор  булчут,  кыл  муҥхалаах  этэ.  Кини  дьаһалынан,  илин  Окоем  Күөлүн
         муҥхалаан  балык  бөҕөтүн  эспиппит.  Аас-туор  олохо  бу  балык  элбэх  киһи  тыынын
         өрүһүйбүтэ.  Сэрии бүппүтүн ыһыы  ыһа сылдьан  истибиппит.  Үөрүү-көтүү бөҕө буол-
         буппут»,  —  диэн  сааһыран  олорон  ахтара.  Оччотооҕуга  ону долоҕойго  ууран  истибэтэх
         буруйдаах эбиппин.  Сэрии  сылларын  кэнниттэн  биһиги  ийэбит холкуос төһүү  үлэһитэ
         буолбут.  Эһэтэ  киниэхэ сытыы  хотуур  оҥорон  биэрбитинэн от охсооччу бэрдэ буолбут.
         Бэйэтин  кытта  саастыы  уолаттары  кытга  тэҥинэн  охсоро.  Кыһынын  Окоемов  Ньуку-
         лайдыын—Дьыгыдьылыын холкуос хотонугар үс-түөрт оҕуһунан от тиэйэ сылдьыбыттар.
         Ийэбит 23 сааһыгар диэри эр киһи үлэтин үлэлээн кэлбитэ.  1951  сыллаахха Толоон Эбэ
         олохтоох  уолугар,  сэриитгэн  кэлбит  Васильев  Николай  Лазаревичка  кэргэн  тахсыбыта.
         Ийэбит  эһэтэ  Ньукулай  оҕонньор:  «Биһиги  кырдьаҕас  дьоммут,  онон  биһиэхэ  киирэн
         олохсуйуҥ»,  —  диэбитин  ылынан,  Быччыылыкка  1957  с.  дьиэ  туттан  олохсуйбуттара
         эрээри,  1962 с.  оҕолорун үөрэтгэрээри  Уус Күөлүгэр  көһөн тахсыбытгара.
            Елизавета  Григорьевна  Николай Лазаревтыын  34 сыл устата бииргэ иллээхтик,  эйэ-
         лээхтик олорон, аҕыс оҕону:  үс кыыһы, биэс уолу көрөн-харайан улаатыннаран үлэһит
         оҥорбуттара.
            Биһиги  ийэбит  1962  сылга диэри  холкуос  үлэтигэр  сүөһү  көрөөччүнэн  үлэлээбитэ.
         Уус  Күөлүгэр  көһөн  тахсан  интэринээт  оскуолаҕа  түүҥҥү  нюэҥкэнэн,  сайынын  бу


                                                    221
   220   221   222   223   224   225   226   227   228   229   230