Page 242 - Сэрии кэмин оҕолоро 1 кинигэ
P. 242

КУРБУҺАХ нэһилиэгэ

             үлэһит  буолан,  8  ынаҕы  ылан  ыан,  көрөн  баартым.  Мантан  ыла  ыанньыксыт  бочуот-
             таах аатын  сүгэн,  сылтан  сыл  аайы  уопутуран,  бастыҥ ыанньыксыттар  ахсааннарыгар
             сылдьыбытым.  Сайынын  ынаҕы  3-4  ыырбыт  уонна  15-16  ньирэйи  бастаан  эмтэрэн,
             кэлин  ынахтан арааран тэҥҥэ  көрөрбүт.
                1959  сыллаахха  балтым  Дуунньа  14  ынаҕытган  17  ньирэйи,  биирдии  ынахтан  1768
             литр  үүтү  ыабыта,  оттон  мин  14  ынахтан  15  ньирэйи  ылан,  1510  литр  үүтү  ыабы-
             тым,  ол  аата  сорох  ынахтарбытын  сылга  иккитэ төрөтөр  этибит.  Бу кэмҥэ  от аһылык
             кэмчи  буолан,  аан  бастаан  Бочкарев  оһохторунан  ууну оргутан  эбиискэ  аһылыгы  бэ-
             лэмнээн  күүскэ  сиэтэрбит.  Тролуков сылаас  ойбонун  күөлгэ туруоран  сүөһүлэрбитин
             уулатарбыт.  Биһиэхэ  племенной  үлэ  күүскэ  барбыта,  ынахтарбыт  үксүлэрэ  боруода
             сүөһүлэр буолтара. Атыыр оҕустары бэйэбит көрөрбүт.  Үксүн Ат Туйаҕар кыстыырбыт,
             Нүөдүрүкү сайылыкка сайылыырбыт, барыта 8 ыанньыксыт буолан бииргэ үлэлээбип-
             пит.  Бөһүөлэккэ көһөн киирэн баран  Быһытгаахха  үлэлээбитим.  Кэргэннэнэн,  оҕоло-
             нон да баран биир да сыл тохтобула суох үлэлээбитим.
                1968  сыллаахха  төрдүс  уолбун  оҕолонон  баран  ыанньыксыттан  дьэ  тохтообутум.
             Онтон  биэнсийэҕэ  тахсыахпар  диэри  олохтоох  кулуупка,  библиотекаҕа  муоста  суу-
             йааччынан  үлэлээбитим.  Ол  иһин  биэнсийэм дьонтон  эрэ  кыра.  Үөрэҕэ  суох  буолан,
             үлэттэн  атын  тугу  да  билбэт,  аралдьыйбат  этим.  Үлэ  киһини  дьоллообута  диэн  өй-
             дөбүллээхпин.  Үлэни эрэ кытаатыҥ.
                                                                                                 2020 с.


                                     Местников Иван Дмитриевич


                                        Мин  1940 сыллаахха Курбуһах нэһилиэгин Дьаарын диэн си-
                                     ригэр  сэттэ  оҕолоох  холкуостаах  дьиэ  кэргэҥҥэ  иккис  оҕонон
                                     төрөөбүтүм.  Ийэм  ыанньыксыт,  аҕам  сылгыһыт  этилэр.  Ийэ-
                                     лээх аҕам,  чахчы да хоһуун  үлэһит буоланнар, биир да күн сын-
                                     ньалаҥа суох үлэлээн,  оҕолорун дьон  оҥортоотохторо.
                                        Бу  күҥҥэ  диэри  төрдүө  ордон  олордохпут.  Оскуолаҕа  аҕабар
                                     олорон  Бороҕоҥҥо 4 кылааһы бүтэрбитим. Оҕо эрдэхпиттэн хара
                                     үлэни үлэлээбит буолан, туох да үлэттэн толлон турбат буоларым.
                                        1959  сыллаахха  «Курбуһах»  сопхуоска  үлэһитинэн  киир-
                                     битим,  онтон  ыла  харыс  да  сири  халбарыйбакка,  биэнсийэҕэ
                                     тахсыахпар диэри  үлэлээн-хамнаан  кэлбитим.  Кыһынын  сүөһү
             көрөөччүнэн  үлэлиирим,  сайынын  бостууктуурум.
                Билигин  5 оҕолоохпун,  13 сиэннээхпин,  2 хос сиэннээхпин.
                                                                                                 2020 с.


                               Ноговицына Анастасия Афанасьевна


                                       Мин  1933 сыллаахха балаҕан  ыйын бастакы күнүгэр 2-с  Кур-
                                     буһах  нэһилиэгэр  «Октябрь»  холкуоска  холкуостаах  дьиэ  кэр-
                                     гэнигэр төрөөбүтүм.  Аммосов  Федот  Николаевич  суруйарынан,
                                     эһэм  Окоемов  Егор  Никитич  быстах  кэмҥэ улууска  кулубалаа-
                                     быт.  Кини  уонтан тахса оҕолоох эбит.  Ол сыдьааннара  билигин
                                     араас  сирдэринэн тэнийэн  олороллор.  Ийэм  Окоемова  Варвара
                                    Дмитриевна,  аҕам  Окоемов Афанасий  Егорович диэннэр.  Ийэм
                                     бастакы  кэргэнитгэн  уоллаах,  онтон  аҕам  икки  уол,  биир  кыыс
                                     оҕолордоох  эбитгэр.  Дьоммут  холбоһон  үс  кыыстаммыттар.
                                     Онон  бииргэ төрөөбүт сэттиэ буолбуппут.


                                                        238
   237   238   239   240   241   242   243   244   245   246   247