Page 244 - Сэрии кэмин оҕолоро 1 кинигэ
P. 244

КУРБУҺАХ ьвһилиэгэ

             бар  Курбуһахха  библиотека сэбиэдиссэйинэн  үлэлии тахсыбытым.  Бастаан  ааҕааччым
             ахсаана  аҕыйах этэ. Ааҕааччыларбын  элбэтэр сыаллаах фермаларга,  отчуттарга  кинигэ
             передвижката тэрийэн үлэлэппитим.  Онон  ааҕааччым  ахсаана элбээбитэ.
                1958  сыллаахха  өр  сыл  доҕордоспут  уолбар  Ноговицын  Володяҕа  кэргэн  тахсыбы-
             тым.  Икки  оҕолонон  баран,  оҕолорум  көрүүлэрэ  табыллыбакка,  үлэбиттэн  көрдөһөн
             уурайбытым  уонна  детсадка  үлэҕэ  киирбитим.  Салгыы  педкылааска  үөрэнэн  воспи-
             татель  идэтин  ылбытым.  Бу  идэбинэн  пенсияҕа  тахсыахпар  диэри  үлэлээбитим.  Өр
             сьшлаах  үлэм  сыаналанан,  «За  вклад  в  развитие  образования  Усть-Атданского улуса»,
             «За  вклад  в  социально-экономическое  развитие  Усть-Атданского  улуса»  диэн  бэлиэ-
             лэринэн  бэлиэтэммитэ.  2015  сыллаахха  Аҕа  дойду  сэриитин  70  сыллаах  үбүлүөйүнэн
             Курбуһах нэһилиэгин  бочуоттаах олохтооҕо буолбутум.
                Кэргэмминээн  Владимир  Михайловичтыын  33  сьш  бииргэ  олус  эйэлээхтик,  өй-
             дөһөн  олорбуппут.  Кини  сымнаҕас,  холку  майгылаах,  үлэһит,  туруоруммут  сыалын
             хайаан  да  ситиһэр  киһи  этэ.  Володя,  тулаайах  буолан,  кыра  эрдэҕиттэн  эмиэ  эрэйи,
             кыһалҕаны,  аччыктыыры  билэн  улааппыта.  Сэрии  сылларыгар  чороччу  улаатан  эрэр
             уол  холкуос  үлэтигэр  улахан дьону кытта тэҥҥэ  үлэлээбитэ.  Кэнники  окко  звеновод,
             онтон биригэдьиир буолан үлэҕэ эриллэн салайар дьоҕура арыллан барбыта.  Салгыы өр
             сыл механигынан үлэлээн баран,  Курбуһах отделениетыгар управляюгцайынан үлэлээ-
             битэ.  Кэргэним  Владимир Михайлович олус таһаарыылаахтык  үлэлээн, төрөөбүт  Кур-
             буһаҕын куруутун инники күөҥҥэ тута сылдьыбыта.  Кини олус эрдэ бу орто дойдуттан
             барбыта.  1991  сыллаахха дойдуга уларыйыы-тэлэрийии буола турар кэмигэр,  оҕолорум
             саҥа  улаатан  атахтарыгар  туран  эрэр  кэмнэригэр,  ыарахан  ыарыыттан  суох  буолбута.
             Миэхэ,  биһиги дьиэ кэргэҥҥэ  ыарахан  кэмнэр этилэр.  Володябынаан  бииргэ олорбут
             кэмнэрбин олус күндүтүк саныыбын. Сайын сиргэ хоно сылдьан оттуурбут, бииргэ сир
             астыырбыт,  тэллэйдиирбит.
                Биһиги түөрт оҕоломмуппут:  үс уол, биир кыыс.  Оҕолор бары ыал буолан, оҕолонон-
             урууланан олороллор.  Сиэннэр  миэхэ хос  сиэннэри бэлэхтээн  үөрүүбүн үксэтэллэр.
                Мин  олох  тулаайах  киһиэхэ  кэргэн  тахсыбытым.  Онон  оҕо,  сиэн,  хос  сиэн  элбэх
             буолуон  баҕарар  этим.  Ол  баҕа  санаам  (улаханнык  эппэппин)  бу  оҕолорум,  сиэннэ-
             рим этэҥҥэ сырыттахтарына туолан иһиэ диэн эрэнэбин.  Мас силис тардан үүнэн-чэ-
             чирээн  иһэринии,  биһиги эмиэ  элбээн,  тэнийэн иһиэхпит.  Сир  үрдүгэр  эйэлээх олох
             эрэ буоллун,  сэрии алдьархайа хаһан да ааҥнаабатын.


                                   Окоемов Николай Михайлович

                                       Николай  Михайлович  1933  сыл  балаҕан  ыйын  20  күнүгэр  1
                                     Курбуһах  нэһилиэгэр  Тэлээччи  диэн  сиргэ  холкуостаах  дьиэ
                                     кэргэҥҥэ төрөөбүт.  Ийэтэ  Окоемова  (Бурнашева)  Мотрена  Ва-
                                     сильевна, аҕата Окоемов Михаил Атександрович, иккиэн үөрэҕэ
                                     суох холкуостаахтар эбит.  Николай  Михайлович  Курбуһах ситэ-
                                    тэ  суох  орто  оскуолатын  бүтэрэн  баран  армияҕа  ынырыллан,
                                    Хотугу  флокка  сулууспалаабыт.  Хойутуу  үөрэнэн,  Дьокуускай-
                                    дааҕы  сибээс  биэс  ыйдаах  куурсун  бүтэрэн,  линейнэй  монтер
                                    идэтин  ылбыта.  1962  сылтан  ыла  талан  ылбыт  идэтинэн  Дьо-
                                    куускайга  СМУ  тэрилтэҕэ  радиофикацияҕа  икки  сыл,  21  сыл
                                     Бороҕоннооҕу  сибээс  узелыгар  үлэлээбит.  1989  сылтан  «Сель-
                                    энергоҕа» электриктии  сылдьан  биэнсийэҕэ тахсыбыт.
               Хоһоон  суруйуутунан  кыра  эрдэҕиттэн,  оскуолаҕа  үөрэнэр  сылларыттан  дьарыкта-
             нар эбит.  Ону биэнсийэҕэ тахсан  баран  салҕаабыт.
               Николай  Михайлович  —  Мүрү  нэһилиэгин  олохтооҕо,  6  кинигэ  ааптара,  улуус
             хаһыатын  биир актыыбынай  селькора.


                                                        240
   239   240   241   242   243   244   245   246   247   248   249