Page 239 - Сэрии кэмин оҕолоро 1 кинигэ
P. 239

10/РБУҺАХ нэһилиэгэ

           Ити курдук  1963-1993 сылларга тохтоло суох үлэлээн баран, биэнсийэҕэ тахсыбшым.
           Алта  оҕону  улаатыннаран,  элбэх  сиэннээхпин  уонна  хос  сиэннээхпин.  Дьон  сиэ-
        ринэн  хаһаайыстыбаланан  олоробут.  Элбэх  аймах  дьоммут-сэргэбит  өйөбүллэринэн
        бэйэбитин дьоллооҕунан ааҕынабыт.

                                                                                            2020 с.


                                     Василий Михайлович,
                             Розалия Григорьевна Дегтяревтар

           Мин  1938  сыллаахха  атырдьах  ыйын  12  күнү-
        гэр  Дегтярев  Михаил  Семенович,  Васильева
        Марфа  Николаевна диэн дьиэ кэргэҥҥэ  II Лөгөй
        нэһилиэгэр «Кыһыл күүс» холкуоска төрөөбүтүм.
        Дьонум  оҕолоругар  өлүүлээх  буолан,  миигин
        Троева  Марфа  Павловна  диэн  сулумах  дьахтар-
        га  олус  көрдөспүтүн  иһин  ииттэрэ  биэрбиттэр.
        Тоҕус  оҕоттон  үс  оҕо  эрэ  тыыннаах хаалбыппыт.
        Аҕам  сааһын  тухары  салайар  үлэҕэ  үлэлээбитэ.
        Райком  инструкторыгар  тиийэ  үлэлии  сы лдьы -^Щ Щ р
        быта.  1948-58  сылга  диэри  үөрэнэн,  10  кылааһы!®®*^^*
        Мүрүгэ  бүтэрбитим.  Армияҕа  Владивосток  куо-
        ракка  в/с  2530  Приморскай  байыаннай  уокурукка  баар  байыаннай  чаастары  аһынан,
        таҥаһынан,  байыаннай тиэхиньикэнэн  хааччыйар  чааска  сылдьыбытым.
           Кэлин  үлэм  сүрүннээн  учууталынан,  Курбуһахха  интэринээт  оскуолаҕа  иитээч-
        чинэн,  старшай  иитээччинэн  ааспыта.
           Дойдубар  II  Лөгөйгө  ферма  сэбиэдиссэйинэн,  хонуу  биригэдьииринэн,  управляю-
        щайынан  үлэлээбитим.  Сыырдаахха  4  сыл  управляющайдаабытым.  Кэлин  «Сардаҥа»
        сопхуос  арахсан,  Курбуһахха  үлэлии  сылдьан  биэнсийэҕэ  тахсыбытым,  Сааһыран  баран
        оҕо сааспытын,  биир алааска  атаарбыт үөлээннээхтэрбин  ахтарым-суохтуурум  улаатан
        иһэр  курдук.  Сергеев  Миитэрэйи  (Сөрбөкөнү),  Сергеев  Сэмэнкэни  (Танааһабы), Дег-
        тярев Василийы (Чиэппэрдээҕи),  Бурцев  Иваны (Герьмон  Вананы),  Бурцева Интерна-
        ны  (Куугааны),  Павлова  Аннаны,  Павлов  Степаны,  Габышева  Марияны  (Мычааны)
        саныыбын.  Билигин  баар тыыннаахтары  кытта түгэн түбэстэр эрэ кэпсэтэ сатыыбын.
           Кэргэним  Аммосова-Дегтярева  Розалия  Григорьевна  1941  сыллаахха  Аммосов  Гри-
        горий  Романович,  Аммосова Анна  Васильевна  (Пухова) холкуостаах дьиэ  кэргэннэри-
        гэр төрөөбүтэ.  Ийэтэ 22 оҕоломмут, онтон сэтгэ оҕо хаадбытын  кэннэ кини иккис оҕо.
        Кини  кэнниттэн  Гриша  диэн  (Аммосов  Григорий  Григорьевич)  уол  оҕону  50  сааһын
        ааһан  баран төрөппүт.
           Эмээхсин  сааһыгар  эмп-томп  диэни  испэтэх,  муус  доруобай  сылдьан,  86  сааһыгар
        халтарыйан  охтон,  өттүгүн  уҥуоҕун  тоһутан  орон  киһитэ  буолан  уһаабатаҕа,  күн  си-
        риттэн  бараахтаабыта.
           Кэргэним  Курбуһаҕынан,  Сыырдааҕынан  үөрэнэн  баран  бастакы  үлэтэ  трахоманы
        эмтиир  сиэстэрэнэн,  онтон  Орто  эбэ детсадыгар  иитээччинэн,  сэбиэдиссэйинэн  үлэ-
        лии сылдьыбыта.  Окоемовкаҕа эмиэ детсад иитээччитинэн  үлэлээн  баран,  биэнсийэҕэ
        тахсыар  диэри  сүрүннээн  повардаабыта.  Ол  курдук  Курбуһах  интэринээт  оскуолатын
        остолобуойугар  поварынан,  кэлин  старшай  поварынан,  Тулунаҕа,  Сыырдаахха  интэ-
        ринээттэргэ,  кыһыл  муннуктарга  итии  аһылыкка  эмиэ  повардаабыта.  Билигин  8  оҕо
        ийэтэ,  28  сиэн,  30-тан тахса хос  сиэн эбэтэ, хос эбэтэ. Ааныска  эмээхсин  22  оҕотуттан
        бүтэһиктэрэ.  Билигин  ыарахан  ыарыыга  ыллардар да,  олоххо тардыһыытын  күүһүнэн
        оҕолорун,  сиэннэрин,  хос  сиэннэрин тапталларыгар уйдаран  үйэтэ өссө да уһаатын.


                                                   235
   234   235   236   237   238   239   240   241   242   243   244