Page 240 - Сэрии кэмин оҕолоро 1 кинигэ
P. 240

КУРБҮҺАХ нэһилиэгэ

                Биһиги,  сэрии  сылын  оҕолоро,  олорон  ааспыт олохпут барыбыт  киэнэ биир  ис  хо-
             һоонноох  буоллаҕа:  аччыктааһын,  тулаайах хаалыы,  тоҥуу-хатыы.  Төһөлөөх  элбэх оҕо
             ыарыыгган,  аччыктааһынтан  суорума  суолламыта  буолуой.  Сэрии  барбыт  сирдэригэр
             биһиги  саастыылаахтарбыт  оҕо  саастара  буулдьа,  буомба  быыһыгар  аастаҕа.  Биһиги,
             сэрии  сьшын  оҕолоро,  саамай  баҕарар баҕабыт сэрии  буолбатар ханнык диэн.


                                    Копырин Василий Николаевич

                                        Сэрии  бастакы  сылыгар  6  саастаах этим.  Онно дьоммун  кытта
                                     Ат Өгтүүргэ олорор этибит. Сэрии саҕаланан дьону армияр хому-
                                     йаллар этэ.  Оччолорго кыра оҕо сылдьан сэрии дьаабытын билбэт
                                     этим.  Армияҕа бараллар дии саныыр этим. Ат Өгтүүртэн  ыныыр-
                                     даах атынан бараллар этэ. Онтон кэлин дюну маассабайдык армия-
                                     ҕа  хомуйан  барбьптара.  Онно Лэгиэн  убайа  Мэхээлэ диэн  баара,
                                     ол бастакы хомуурга барбыта.  Ньукулай Хабырыыллайабыс  Пухов
                                     убайдара улахан уол Хабычча, аччыгый уол Арамаан эмиэ бастакы
                                     хомуурга  барбытгара.  Махсыымап  Мэхээчэлээх диэн  Хоту  Эбэҕэ
                                     олохтоох  дьон  бааллара.  Олор  аччыгый  уоллара  Мэхээчэ  барбы-
                                     та, улахан уол Уйбаан барбатаҕа,  Ньукулай эмиэ хаалбыта. Лэгиэн
                                     убайа  Мэхээлэ барбыта, отгон Дьөгүөрүскэни кэлэҕэй буолан ыл-
             батахтара.  Бурнаһыап Лэгэнтэй,  Собоһутгаах бырааттара,  ол  сэриигэ барбьгга.  Ол курдук
             бииртэн биир баран  испиттэрэ.  Кыра буолан өссө үчүгэйдик өйдөөбөппүн.
                Холкуоска  сорохтор  ыанньыксыттыыллара,  эр  дьон  өттө  хонуу  үлэтин  толоролло-
             ро.  Олох-дьаһах ыарахан  этэ.  Сиэмэни  суоруна тааска тардан лэппиэскэлээн  сиирбит.
             Үлэһит илии  улам  аҕыйаан барбыта.  Үгүстэрэ сэриигэ барбыттара.

                                                                                           01.11.2020  с.


                                   Винокурова Варвара устиновна

                                        Биһиги  ийэбит  Коркина-Винокурова  Варвара  Устиновна  Чу-
                                     рапчы  оройуонун  Кытаанах  нэһилиэгитгэн  төрүттээх.  Аҕата
                                     Устин  Дмитриевич,  ийэтэ  Парасковья  Герасимовна  Коркиннар
                                     сэрии  иннинэ  ыал  быр  бааччы  буолан  олорбуттар.  Биһиги  ийэ-
                                     бит  1939 сыллаахха сэтинньи 20 күнүгэр күн сирин көрбүт. Аҕата,
                                     олох кыра эрдэҕинэ,  1941  сыллаахха Аҕа дойду сэриитигэр ыҥы-
                                     рыллан  баран,  1945  сыллаахха  муус  устар  13  күнүгэр  Австралия
                                     куоратыгар  Кыайыы буолуо аҕыйах хонук иннинэ кыргыс толоо-
                                     нугар охтубут.  Ол  иһин  аҕатын  өйдөөбөт.  Ити сэрии сылларыгар
                                     эбэбит  кыыһын  кытары,  1942  сыллаахха  Чурапчы  холкуостарын
                                     күүс  өггүнэн  көһөрүүгэ хабыллан,  Кэбээйи  оройуонугар тиийэн
                                     балык бултааһыныгар үлэлэспит. Онно сылдьан 3-4 саастаах ийэ-
             бит,  ийэтэ  балыктыы  барбытыгар  сайыһан,  тохсунньу аан-даам  тымныытыгар  эккирэ-
             тэн тахсан,  «илиибин  улаханнык үлүппүтүм» диэн  кэпсиирэ уонна атыны  өйдөөбөппүн
             диэччи.  Эбэбит  да  кыыһыгар  тугу  да  кэпсээбэт  эбит.  Чурапчыга  көһөн  кэлэн  баран,
             Төҥүргэстээх сайылыкка ат миинэн бостууктуур этим диэн кэпсээччи.  Илиитин тарбах-
             тара куһаҕан буолан, холкуоска, сопхуоска ыанньыксытынан үлэлээбэтэҕэ, наар ньирэй,
             бороон  көрөөччүнэн сылдьыбыт.
               Аҕабыт  Винокуров  Дмитрий  Николаевич  сыарҕалаах  атынан  баран  1959  сыллаахха
             тиэйэн  аҕалбыта диэн  кэпсээччи.  Ол  кэнниттэн  ийэбит аах,  харыс да  сири  халбарый-
             бакка,  Балаҕаннаах алааһыгар сис  ыал  буолан  олорбуттар.


                                                        236
   235   236   237   238   239   240   241   242   243   244   245