Page 149 - Уйбаан Бахсылыырап. Сэрии кэмин оҕолоро - эйэлээх олох уустара
P. 149
кылаас үөрэҕинэн үөрэнэн бүтэн эһэлээх эбэтин көрө-көрө колхуоска үлэлэ-
эбит. Кэлин Лөгөйтөн төрүттээх Борисов Иван Ильич диэн булчут киһилиин
олохторун холбоон, түөрт кыыс оҕону төрөппүттэр. Иккис кыыс Анна 1932 с.
төрөөбүт, ону-маны өйдүүр буолбут уончалаах оҕо аҕата аармыйаҕа барбы-
тын өйдүүр. Кыра уоллара Василий Саввин 1938 с. төрөөн, аҕата сэриигэ
барарыгар 4 эрэ сааһын саҥа туолбут оҕо эбит.
Саввин Василий Ионович сэрии толоонугар 1944 с. атырдьах ыйыгар
Ийэ дойдутун көмүскэлигэр сырдык тыынын толук уурбута. Хомойуох иһин
көмүс уҥуоҕа ханна хараллыбыта биллибэт. Сэриигэ баран өлбүттэри кэриэс-
тиир “Өйдөбүнньүк” кинигэ (“Память”, 1993 г.) иккис томугар маннык су-
руллубут:
Саввин Василий Ионович, ряд., 1910 г.р.
Урож. Усть-Алданского р-на, приз. Чурапчинским РВК,
погиб 08.44. г., место захоронения не установлено.
Хара дьайдаах сэрии содулугар бүтүн биир киһи дьылҕата ити аҕыйах
тыллаах суругунан түмүктэннэҕэ. Тугун хобдоҕой? Ол эрээри олох салҕанар
айыы аналынан Саввин Василий Ионович аатын ааттатар дьоннордоох. Олор-
тон биирдэстэрэ үлэ-тыыл ветерана Анна Васильевна Саввина буолар.
Анна Васильевна сэрии кэмин оҕото, сэрии буойунун тулаайаҕа эрэйдээх-
буруйдаах оҕо сааһа, сэрии кэминээҕи син атын оҕолор кэриэтэ күөх от
олбохтоох буолбатах этэ. Бииргэ төрөөбүт инитэ, СР суруйааччыларын сою-
һун чилиэнэ, поэт Василий Саввин эдьиийигэр Анна Васильевнаҕа анаабыт
хоһоонун билсиэҕиҥ.
Эдьиийбэр
Үлэ ветерана А.В.Саввина 70 сааһын туолуутугар
Ыанньыксыт ийэбит барахсан
Ыкпат, түүрбэт бэйэлээҕэ,
Онтон саҕаламмыт дууһабар
Олох өйдөбүлэ, кэрэтэ.
Сэриигэ сүппүт аҕабыт
Сырдык, тыыннаах мөссүөнэ
Кыра, хачаайы ийэбитин
Күүс үлэҕэ көҕүлүүрэ.
Көрсүбүт ыарахаттары
Күөммүтүнэн силэйэ
Кэллэхпит, күндү эдьиийиэм,
Кэрэ-бэлиэ сааска тиийэ.
Киһи үйэтэ кьшгаһын
Мин биллэрбин даҕаны,
Баҕарабын — аны биир бачча
Сиргэ тыыннаах сылдьыыны!..
Ол да этэҥҥэ сырыттахха
Олус түргэнник кэлиэҕэ...
Ону да мыына саныахпыт —
Олорон иһэн турбут тэҥэ.
2002 с.
Мантан аллара сэрии буойунун тулаайаҕа, үлэ-тыыл ветерана Анна Васи-
льевна Саввина бэйэтин ахтыытын билсиэҕиҥ.
10 Заказ № 52
145

